Арассыыйаҕа «анал демографическай дьайыыны» оҥорор туһунан Госдуума дьиэ кэргэн көмүскэлин кэмитиэтин салайааччы Нина Останина этии киллэрдэ диэн РИА-Новости суруйар.
Дьокутаат этэринэн, демографияны өрө көтөҕүү дьайыыта эдэр ыаллартан саҕаланыахтаах. Маны тэҥэ, урут төрөөбүт оҕолор эмиэ умнуллуо суохтаахтар.
— Биһиги өссө биир анал эпэрээссийэни тэрийэн ыыттахпытына сатанар. Күн илинтэн тахсар, онон бу дьайыыны Уһук Илинтэн саҕалыахха наада. 90-с сылларга дойдуга биллэ аҕыйах оҕо төрөөбүтэ, кинилэр улаатан, ийэ-аҕа буолар саастарыгар «демографическай дьаама» буолбута бэлиэтэнэр, —— диэн Нина Останина эттэ.
Төрөөһүнү элбэтэргэ өссө туох миэрэлэр ылыллыахтарын сөбүн туһунан дьокутаат чуолкайдаабатах. Докумуон оҥоһуллан киирдэҕинэ эрэ, чопчу дьаһаллар биллиэхтэрэ.
Вице-премьер Татьяна Голикова иһитиннэрбитинэн, Арассыыйаҕа 2024 сылга үстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ахсааннара 2,4 мөлүйүөн буолла. Кинилэр уопсайа 7,7 мөлүйүөн оҕону иитэллэр.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…