Горнай Арассыыйа эрэгийиэннэрин стажировкалыыр былаһааккатынан буолла

Share

Горнай улууһугар Челябинскай уобалас гражданскай көҕүлээһини өйүүр киинин салайааччыта Михаил Комиссаров салалтынан уопсастыбаннай тэрилтэлэр салайааччылара, актыбыыстара ыалдьыттаатылар.

Дэлэгээссийэ сүрүн сыала – кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр, түөлбэлэр үлэлэрин билсиһии, граннары суруйууга үөрүйэҕи атастаһыы, хардарыта сибээстээх үлэлээһин, бырайыактары оҥорууга үлэлэһии, билсиһии. Михаил Комиссаров Горнай улууһугар бу иккис сырыыта буолар.

Хаартыскаҕа А.Санникова түһэриитэ

Улуус социальнай бырайыактааһыҥҥа, гражданскай уопсастыба сайдыытыгар өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх. Өрөспүүбүлүкэ биир кэлим кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэри өйөөһүҥҥэ ресурснай киин салайааччыта Ольга Вешникова улуус экэкэниэмикэ үһүс секторын уонна гражданскай көҕүлээһиннэри сайыннарыы боппуруостарыгар РФ эрэгийиэннэрин стажировкалыыр былаһаакката буолбутун бэлиэтээтэ.

Хаартыскаҕа А.Санникова түһэриитэ

Улуус баһылыга Никита Андреев улуус сайдыытын кэпсээтэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэри дойдуну сайыннарыыга бииргэ хардарыта үлэлэһиигэ ыҥырда. Улуустааҕы бибилэтиэкэ иһинэн үлэлиир «Ситим» сайдыы эйгэтин үлэтин, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бастыҥ бырайыактарын сырдаттылар. Ыалдьыттар улууспут гражданскай көҕүлээһини өйөөһүҥҥэ киэҥ хайысхалаах үлэтин сэргии иһиттилэр, уопуттарын үллэһиннилэр.

Хаартыскаҕа А.Санникова түһэриитэ

«Үрдэл» түөлбэҕэ сылдьан оҕо спортивнай балаһааккытын сэргии көрдүлэр. Түөлбэ актыыба, оҕолор ыалдьыттарга кэскиллээх бырайыактарын кэпсээтилэр. «Күбэйэ» туойунан оҥоһуктар мастарыскыайдарыгар сылдьан туойтан оҥоһуллубут харысхаллары сэргии көрдүлэр. Туойтан оҥоруу ньымаларын кэрэхсээтилэр. Биллиилээх худуоһунньук-модельер Августина Филиппова лабораториятыгар сылдьан моделларын көрөн сөхтүлэр, сөҕүмэр талааныгар махтаннылар. Августина Николаевна саамай сөбүлүүр А.Пушкин “Салтан ыраахтааҥы” остуоруйатынан эскизтэрин көрдөрө-көрдөрө кэпсээбитин сэҥээрэ иһиттилэр. Олох, саха таҥаһын философиятын, оһуордар кистэлэҥнэрин астына-дуоһуйа билистилэр. Августина Филиппова лабораторията остуоруйа дойдутугар сырыы буолан ыалдьыттарга умнуллубат түгэнинэн буолла.

Хаартыскаҕа А.Санникова түһэриитэ

Салгыы бөлөх Мытаах нэһилиэгэр Семен уонна Софрон Даниловтар түмэллэригэр, Афанасий Осипов хартыынатын галереятыгар сырыттылар. Нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар көхтөөхтүк кыттар дьону-сэргэни кытта көрүстүлэр.

Хаартыскаҕа А.Санникова түһэриитэ

Айталина Санникова,
библиотекарь, Горнай.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago