Горнай Кировскайын күнүгэр биир дойдулаахтар көрсөн сүбэлэстилэр

Share

Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка Горнай улууһун Кировскай нэһилиэгин күнэ  биир дойдулаахтарын сахалыы сайаҕас, истиҥ иһирэх, үөрүүлээх көрсүһүүгэ  түмтэ.

Биир нэһилиэк күнэ киин куоракка ыытыллара — сэдэх түгэн. Ол иһин бу тэрээһин туһунан биһиги СӨ Уопсастыбаннай палататын чилиэнэ,  “Горнай түмсүү” салайааччыта Надежда Федороваттан кэпсииригэр көрдөстүбүт.

Кировскай нэһилиэгин күнэ  Уопсастыбаннай көҕүлээһини өйүүр кииҥҥэ «Сайда тур, төрөөбүт дойдум!» дьыалабыай көрсүүһүттэн саҕаламмыта. Баһылык Савва Данилов нэһилиэк тэриллиэҕиттэн Дьокуускай куоракка аан бастаан “Нэһилиэк күнэ” ыытылларын бэлиэтээтэ уонна көрсүһүүгэ түмсүүлээхтик кэлбит биир дойдулаахтарыгар махтанна.

Быйыл кировскайдар 2025 сылы Улуу Кыайыы 80 сылынан аҕа көлүөнэ дьоннорун олорон ааспыт олохторун үйэтитиигэ ысыбыттар уонна биир дойдулаахтара Саха АССР норуодунай худуоһунньуга Иван Федорович Мамаев төрөөбүтэ 130 сылыгар  анаабыттар. Нэһилиэк дьаһалтатын исписэлиистэрэ, оскуола дириэктэрэ Илья Алексеев, «Одуванчик»  уһуйаан сэбиэдиссэйэ Дария Парникова, нэһилиэк уопсастыбанньыктара, кыраайы үөрэтээччилэр Татьяна Иванова, Марфа Леонтьева нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытын киин куоракка олорор биир дойдулаахтарыгар билиһиннэрдилэр.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, Кировскай нэһилиэгэр дьиэ кэргэн экэниэмикэтин сайыннарыыга субсидия бырагырааматынан 42 ыал туһаммыт. Онон нэһилиэккэ 208 куурусса, 1 сибиинньэ, 90 бройлер чоппууска, 14 хаас, 23 индюк түҥэтиллибит. Бу кыылларга нэһилиэк бүддьүөтүттэн 96 522 солк., улуус бүддьүөтүттэн 57913,5 солк. көрүллэн, атыыласпыт суумаларыттан 40 % толуйуллубут. Эбии 10 кууруссаҕа, 10 бройлер чоппуускаҕа уонна сибиинньэ аайы босхо уотурба түҥэтиллибит. Ити нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыттан холобурдаатым.

Куоракка олорор Тамара Слепцова, Варвара Угарова, Макар Яковлев, Анна Осипова, Ульяна Скрябина  төрөөбүт нэһилиэктэрин туһунан киэн тутта аҕыннылар, баҕа санааларын эттилэр. 

Көрсүһүүгэ Ил Түмэн дьокутаата Алквиад Тарасов, СӨ V ыҥырыылаах Уопсастыбаннай палататын чилиэнэ Сергей Сюльскай,  Емельян Ярославскай аатынан  судаарыстыбаннай түмэл быыстапкалыыр саалатын сэбиэдиссэйэ Марианна Степанова, Иван Мамаев сиэнэ Наталья Кычкина, хос сиэнэ Сахая Скрыбыкина ийэтинээн Муза Скрыбыкинаны кытта кыттыыны ыллылар.

Улуус баһылыга Никита Андреев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин салайааччыта Маргарита Константинова  эҕэрдэ тыл эттилэр. Нэһилиэк аныгы олох тэтиминэн иннин диэки эрэллээхтик хардыылаан, үгүс үлэ барарын сэргии иһиттибит.

Бу күн Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар  Кировскай нэһилиэгин дьонун туһунан бэчээттэммит кинигэлэр ааптара, прозаик, РФ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Николай Александров «Абыраллаах эмчит, сэргэх суруйааччы» диэн кинигэлэрин быыстапката уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, киистэнэн дьүһүйэр,  улахан талааннаах худуоһунньук Нестор Кононов дьонугар-сэргэтигэр уруһуйдаан хаалларбыт хартыыналарынан быыстапката тэрилиннэ. Быыстапкаҕа кини сиэнэ Юлия Степанова, быраата Дмитрий Стручков кыттыыны ыллылар. Маны таһынан, олохтоох ааптардар бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэлэрин уонна нэһилиэк олохтоохторун ахтыы кинигэлэрин быыстапката турда. Нэһилиэк киэн туттар учууталлара Христина Николаевна, Василий  Денисович Ивановтар тустарынан «Үтүө дьоммут дьоһун олохторо» диэн Николай Александров уус-уран тылынан бар дьонун ахтыыларыгар олоҕуран суруллубут кинигэни быыстапкаҕа кэлбит дьоҥҥо бэлэх ууннулар.

Киэһэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Кировскай нэһилиэгин художественнай самодеятельноһын кыттыылаахтара  «Аһыма — дьолбут уйата»  диэн Валентина Аргунова тылыгар, Николай Саввинов мелодиятыгар хор толоруутунан дьоро киэһэни астылар.

Толору көрөөччүнэн туолбут саала көрөөччүлэрэ туран эрэ бу  ырыаны доргуччу ыллаан, төрөөбүт дойдуларын ахтылҕаннарын таһаардылар, тапталларын биллэрдилэр. Тэрийээччилэр ахта-саныы сылдьар биир дойдулаахтарын “Дойдум аһа” диэн олохтоох астаах сүүйүүлээх лотереяны тэрийэн, үгүс дьоҥҥо дойдуларын аһын туттаран, үөрдэн-көтүтэн ыыттылар.

Бу ыытыллыбыт тэрээһин улуус атын нэһилиэктэригэр үтүө холобурунан буолла. Төрөөбүт нэһилиэккит олоҕо-дьаһаҕа сайдарын туһугар өссө да түмсүүлээхтик  үлэлээҥ, үөрэниҥ, эт-хаан өттүнэн чөл олоҕу, сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн чэгиэн, ыраас буолуҥ диэн биир дойдулаахтарбытыгар баҕа санаабытын тиэрдэбит.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бырабыыталыстыба отчуота дьон-сэргэ этинэригэр кыах биэрэр

«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан быйылгы сыллааҕы тутууну бэлиэтээн ааста

“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

СӨ Ыччат бэлиитикэтин туһунан сокуоҥҥа уларыйыы киириэҕэ

“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр сөптөөх соруктар туруорулуннулар

Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…

6 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үлэтэ суох 50 саастаах эр киһи биэнсийэлээх дьахтар харчытын уорбут

Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олунньуттан үлэтэ суохтарга босуобуйа муҥутуур кээмэйэ үрдүө

Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…

6 часов ago