Горнай Маҥанытын Вензеллэрэ окко бэлэмнэр
Бу күннэргэ окко тахсаары тэрээһиннээх эрэ отчуттар буолбакка, моой отчуттар эмиэ тэриллэрин көрүнэллэр, оттуурга бэлэмнэнэллэр.
Горнай улууһун Маҥаны нэһилиэгин олохтоохторо Вензеллэр дьиэ кэргэттэрэ уолаттарын кытта эмиэ быйылгы оттооһуҥҥа бэлэмнэр.
— От ыйын 14 күнүттэн «Хачыҥкалаах» диэн алааспытыгар оттуу тахсаары сылдьабыт да, от үүнүүтэ мөлтөһүөр. 45 %-на эрэ үүммүт: үрдүк сир кууран-хатан хаалбыт, аллараа сиргэ уу киирбит. Быйыл дьиэ кэргэнинэн бары тахсыахпыт, убайдарбыт оттоһо кэлиэхтэрэ. Онон дьылыттан көрөн атырдьах ыйын 20-25 күнүгэр диэри оттооччубут. Быйыл атырдьах ыйын 30 күнүгэр диэри сылдьарбыт буолуо, — диэн ыал аҕата Алексей Вензель кэпсиир.
Вензеллэр статустарыгар өрүү күргүөмүнэн үлэлии сылдьалларын таһаараллар. “Бу эһиги наар үлэлии сылдьаргыт эрэ өйбөр баар…” диэбиппэр, хоруйдара маннык буолла.
— Уолаттарбытын үлэҕэ-хамнаска, дьону ытыктыырга, ийэлээх аҕаҕа, чугас аймахтарыгар тапталынан, убаастабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар иитэбит. Эһээбитин кытта кыттыгас ынахтаахпыт, сылгылардаахпыт. Сайын аайы куурусса иитэбит. Түөрт уол бары ынах ыыллар. Уолаттарбытын кыра эрдэхтэриттэн үлэнэн иитэбит. Миигин уонна эһээлэрин кытта тэҥҥэ сылдьан оттууллар, балыктыыллар, саас-күһүн мас мастыыллар, бултууллар, сайын – оҕуруот, ынах ыаһына, ньирэй көрүүтэ, кыһын – муус киллэрии, хаар күрдьүү. Ол быыһыгар оҕо көрүүтэ. Бэйэ-бэйэлэрин көрсөн улаатыннардылар да, улааттылар да. Тыа сирин ыалыгар хайаан да ынах сүөһү, сылгы баара ордук. Элбэх оҕолоох, биллэн турар, үлэҕэ олох кыайыылаах. Барытын биирдэ субуотунньуктаан кэбиһэбит. Онон оҕолорбутугар бу Орто дойдуга биирдэ бэриллэр олоххо бары туох эрэ кэрэни, үтүөнү оҥоруохтаахпыт диэн бигэ санааны иҥэрэбит, – диэн санаалаах ыал аҕата Алексей Петрович.
Сиһилии быйыл Туймаада ыһыаҕар «Саха сирэ» хаһыат Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сылларыгар анаан тэрийбит «Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт» куонкурус кыайыылаахтара Вензеллэр тустарынан хаһыаппыт бээтинсэтээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: