Горнай оройуона инвестицияны тардыыга бастыҥынан ааттанна

Share

Бүгүн СӨ Ил Дарханын иһинэн Олохтоох салайыныы сэбиэтин мунньаҕар инвестиция килиимэтин туругунан муниципалитеттар ортолоругар бастыҥы ааттаатылар.

Горнай улууһа ааспыт икки сыл курдук эмиэ бастаата. Иккискэ — Ленскэй, үһүскэ — Нерюнгри. Кинилэргэ 1 мөл. солкуобай кээмэйдээх олохтоох бүддьүөтү өйүүргэ эбии дотациялар көрүллүөхтэрэ.
«Инвестиция рейтинэ — экэниэмикэ сайдыытыгар тус сыһыаҥҥыт туоһута. Ыйытыктар түмүктэринэн норуот үтүө өттүгэр уларыйыылары, урбаанньыттар биисинэскэ өйөбүл баарын бэлиэтииллэр. Бастыҥ быраактыка ханнык баҕарар оройуоҥҥа, Арктикаҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар, бырамыысыланнаска тахсыан сөп», — диэтэ Айсен Николаев баһылыктарга.
Муниципальнай рейтинг 30 көрдөрүүттэн турар, итинтэн 15-һэ ыйытыгынан.
Горнай оройуона ыйытыгынан үрдүк сыанабылы ылла, дьоҕус уонна орто урбааны, үөрэтэр өҥөлөрү, сибээс өҥөтүн, арыандаланар былаһааккаҕа тиксиини, кирэдьиит кыаҕын киллэрэн туран.
«Ил Дархан биһиги оройуоммут үчүгэй уопутун бэлиэтээтэ.Түгэнинэн туһанан урбаанньыттарга үлэбитин үрдүктүк сыаналаабыттарын иһин махтанабыт«, — диэтэ Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев.
Кэккэ хайысхаларга Хаҥалас, Өлөөн оройуоннара уонна Дьокуускай куорат ааттаннылар.

Мария Васильева хаартыската
Мария Васильева хаартыската
Мария Васильева хаартыската

Айсен Николаев көҕүлээһининэн 2003 сылтан 1 мөл. солкуобай кээмэйдээх олохтоох бүддьүөтү өйүүргэ эбии дотациялары көрүү олохтоммута.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago