Горнай Орто Суртугар муус ылыытыгар субуотунньук тэрийдилэр

Share

Тыа олохтоохторугар муус ылыыта — кыстыкка киириигэ биир тыын суолталаах үлэ.

Ол сиэринэн, Горнай улууһун Орто Сурт нэһилиэгэр сыл аайы муус ылыытын бүтүн нэһилиэгинэн анал аахсыйа курдук тэрийэллэр.

Бу туһунан нэһилиэк олохтооҕо, бибилэтиэкэр Марфа Текеянова маннык кэпсээтэ:

Үгэс быһыытынан биир сүбэнэн тэрилтэлэринэн үллэстэн, соҕотох олорор кырдьаҕас, аҕам саастаах дьоҥҥо, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт төрөппүттэригэр субуотунньук аахсыйатын тэрийэн, муус ылан, тиэйэн киллэрэбит. Нэһилиэкпит эр дьоно Эбэҕэ тахсан, муус ылыытыгар  күргүөмүнэн  түһүннүлэр. Бу күн 13 ыалы мууһунан хаачыйдыбыт.  Тырахтарыыс уолаттарбыт Петр Степанов уонна Альберт Степанов мууспутун тутатына тиэйэн киллэрэн, дьон үөрүүтэ, махтала муҥура суох. Маны сэргэ,  оскуола уонна уһуйаан кэлэктиибин эр дьоно уонна 6-11 кылааска үөрэнэр уолаттар оскуола, уһуйаан ону сэргэ оскуола тэрилтэтин үлэһиттэригэр уонна  ытык кырдьаҕастарбытыгар   15 бырысыап муус ылан, тырахтарыыс Афанасий Осипов тута ол күн тустаах ыалларынан тарҕатта. Бу күннэргэ  сынньалацҥ киинин үлэһиттэрэ үс ыалга муус ылан киллэрбиттэрэ. Нэһилиэкпит үлэни өрө туппут дьонугар, ыччаттарбытыгар, тырахтарыыс уолаттарбытыгар, оскуола, уһуйаан уонна кулууп кэлэктиибигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.  Бары чэгиэн-доруобай, уйгулаах олохтонуҥ. ‘ Бу курдук, нэһилиэк дьоно түмсүүлээх буолан, ‘Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат» диэн саха өс хоһоонун толору бигэргэттилэр. 

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

27 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago