Бүгүн, от ыйын 29 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Дьиэ кэргэн сылынан өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕын ыытта.
Манна 2023 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ демография уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин эйгэтигэр бастыҥ үлэлээх Горнай улууһугар грант туттарылынна.
—— РФ баһылыга Владимир Путин Саха сиригэр бэс ыйын 18 күнүгэр кэлэ сылдьан, норуот харыстабылыгар, ийэ уонна оҕо өйөбүлүн боппуруостарыгар болҕомтотун уурарын эппитэ. Бэрэсидьиэн өрөспүүбүлүкэ демографическай динамикатын бэлиэтээбитэ. Бу биһиги сайдыыбыт, иннибит диэки дьулуһуубут сүрүн хайысхатыттан биирдэстэрэ. Оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ, дойдуга ахсыс сылдьар, — диэн этэр Ил Дархан.
—Туох баар көрдөрүүбүт барыта сыаллаах-соруктаах, 2030 сылга диэри уонна салгыы кэлэр 2036 сылга диэри ситиһиилэри чуолкайдык көрөбүт. Онуоха муниципальнай тэриллиилэр таһымнарыгар туруоруллубут соруктары олоххо киллэрии улахан суолталаах. Манан сибээстээн улуустар уонна куораттааҕы уокуруктар салайааччыларыгар улахан эппиэтинэс сүктэриллэр. Биллэн турар, билигин биир сүрүн хайысханан «Дьиэ кэргэн», «Көхтөөх уһун үйэлэнии» бырайыактарга өрөспүүбүлүкэ көхтөөх кыттыыны ылыыта буолар. Саха сирэ, уруккутун курдук, бу хайысхаларга инники сылдьар эрэгийиэннэргэ киирсиэ диэн эрэнэбин, — диир Айсен Николаев.
Ил Дархан 2023 сыл түмүгүнэн демография уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин олоххо киллэриигэ ситиһиилээх үлэлэрин иһин 10 мөл.солк. суумалаах сэртипикээти Горнай улууһугар туттарда. Айсен Николаев улуус дьаһалтата бу эйгэҕэ уопсастыбаннаһы тардыыга тиһиктээхтик үлэлэһэрин бэлиэтээтэ.
Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев үлэлэрин сырдатта. Ол курдук, улууска ийэни, аҕаны уонна оҕону өйөөһүҥҥэ, уһун үйэлэниигэ, төрөппүт эппиэтинэһин үрдэтиигэ уонна сокуоннай саастарын туола илик оҕолор олохторугар, доруобуйаларыгар куттал суох буолуутугар, уопсастыбаннай доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ, үлэ усулуобуйатын тупсарыыга, уо.д.а. социальнай суолталаах бырагыраамалар үлэлэриттэн сырдатта.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэсээдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Дьиэ кэргэн сылын иитинэн тэрээһиннэри тэрийиигэ уонна ыытыыга Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Муома, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Хаҥалас, Чурапчы улуустара уонна Дьокуускай көхтөөхтөрүн бэлиэтээтэ.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3409491 манна ааҕыҥ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…