Горнай улууһа киин улуус ахсааныгар киирсэр, суола-ииһэ тупсаҕай буолан, туризм сайдарыгар бары кыах барыта баар.
Быйылгыттан ыла “Саха сирэ” хаһыат Үлэ сылынан сибээстээн, өрөспүүбүлүкэҕэ туризм сайдыытыгар үлэлиир урбаанньыттар үлэлэрин сырдатар соруктаах саҥа бырайыагы олоххо киллэрэр соруктаах. Онон сибээстээн, бу күннэргэ “Саха сирэ” хаһыат суруналыыстара Горнай улууһугар туризм сайдыан сөптөөх көрүҥнэрин билсэ, үөрэтэ анаан баран кэллибит. Аны Нам, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар баран кэлэр баҕа санаа баар.
Баһылык суруналыыстары кытта көрүстэ
Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, төһө да өрөбүл күн буоллар, суолта биэрэн суруналыыстары кытта улуус дьаһалтатыгар анаан көрүстэ.
– Горнай улууһун иэнэ 45,6 тыһыынча кв км тэҥнэһэр. Киин оройуоннарга саамай аҕыйах нэһилиэнньэлээх улуус ахсааныгар сылдьабыт. Бырамыысыланнас тэпсибэтэх дойдута буолан, экология өттүнэн олус ыраас, кыыла-сүөлэ, үүнээйиитэ баай дойду. Нэһилиэнньэ ахсаана – 12 200 киһи.
Уонча сыллааҕыта “Сиинэ пааркаҕа” Петр, Сардаана Андреевтар дьиэ кэргэттэрэ “Уорааннаах”, Эйим учаастакка Вера Кесерева туристическай базалары тэрийбиттэрэ. Онон билигин улууска икки улахан турбаазалаахпыт. Ол да иһин буолуо, үгүс дьон Горнай улууһугар бу икки эрэ туристическай эбийиэк баарын курдук өйдүүллэр. Кырдьык, бу икки турбааза биһиэхэ, горнайдарга, Чолбон сулус кэриэтэ, инники сайдар суолбутун сырдатан, сонун сүүрээннэри тобуларга кынаттыыр. Горнай улууһа бэйэтэ туспа-суоллаах-иистээх, дириҥ ис хоһоонноох устуоруйалаах ытык дойду. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ киэн туттар үс айар куттаах дьоно – бырааттыы бэйиэт уонна суруйааччы Семен уонна Софрон Даниловтар, улуу худуоһунньук, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа сахалартан бастакы академик, үс төгүл үтүөлээх үлэһит Афанасий Осипов төрөөбүт дойдулара Мытаах. Арассыыйа бырабыыталыстыбата өйөөн, бу манна бу үс саха саарыныгар түмэл тэриллибитэ. Афанасий Осипов быйыл төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтиибит.
Билигин саха тылын үөрэтии сытыырхайбыт кэмигэр идэлээх учууталлар бу түмэлгэ анаан кэлэн араас сэминээрдэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ, маастар-кылаастарга сылдьыахтарын сөп. Онон бу өрүтү үөрэхтээһин салаатыгар туризм эмиэ биир көрүҥүн курдук көрөбүт. Бэрдьигэстээх, Мытаах, Аһыма, Маҥырас уо.д.а. нэһилиэктэр “Өрөбүллээҕи сынньалаҥ туура” курдук тыа сиринээҕи туризмы сайыннарыахтарын сөп, – диэн баһылык санаатын үллэһиннэ.
Биһиги Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга Алексей Аргунову, баһылыгы солбуйааччы Ксения Васильеваны кытта эрдэттэн сибээстэһэн, сылдьар кыраапыкпытын оҥорторбуппут. Онон Мытаах түмэлигэр, Бэрдьигэстээххэ Дьячковскайдар дьиэ кэргэн удьурҕайтан оҥоһуктарын быыстапкатыгар, “Күбэйэ” гончарнай мастарыскыайга, М.Е.Тимофеев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ, рационализатор Захар Павлов ретро-түмэлигэр, Эбэ алааһыгар “Быйаҥнаах” дьиэ кэргэн тэрийбит турбаазатыгар, “Түһүлгэ” комплекска уонна “Бэргэн” стрелковай тииргэ сырыттыбыт. Кылгастык бу сылдьыбыт сирдэрбитигэр тугу көрбүппүтүн-истибиппитин билиһиннэриим.
Мытаах – айар куттаах дьон дойдута
Сэбиэскэй кэм көлүөнэтин дьонуттан Семен Данилов тылларыгар, Иван Иванов мелодиятыгар айыллыбыт “Үс көлүйэ” пиэрмэтин биэс бэһиэлэй кыргыттарын туһунан ырыаны билбэт киһи суоҕун тэҥэ.
Мытаахтыыр суолга бу ырыа дьоруойдарын бэрт улахан мэтириэттэрэ “Үс көлүйэ” пиэрмэтигэр киирии суолга анаан оҥоһуллан ыйанан турара – дьикти ураты көстүү. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бу кыргыттар ааттара-суоллара, кэлин туох үлэһит буолбуттара суруллубут. Ол курдук, Анастасия Парфенова – педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин уонна СӨ үөрэҕириитин ситимин Бочуоттаах үлэһитэ. Клара Николаева – сибээс, үөрэх салаатыгар үлэ бэтэрээнэ. Мария Петрова – 1957 сыллаахха Москва куоракка Бүтүн Сойуустааҕы Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатын кыттыылааҕа. Татьяна Михайлова – Монголия үөрэҕириитин туйгуна, МНР үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, МНР “Хотугу сулус” уордьанын кавалера, Елизавета Стручкова – Орджоникидзевскай оройуон олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ. “Мытаах нэһилиэгин “Ленин” аатынан холкуос кыргыттара хаартыскаҕа 1961 сыл атырдьах ыйын 10 күнүгэр түспүттэр. Мантан 500 м тэйиччи бардахха, кыргыттар үлэлээбит “Үс көлүйэ” пиэрмэлэрин олоҕо турар” диэн бэрт аҕыйах эрээри, олус дириҥ ис хоһоонноох суруктан киһи үгүһү билэр. Дьэ, туризм биир көстүүтэ саҕаланнаҕа ити.
Дьиикимдэ түмэлэ – Саха сирин киэн туттуута
Мытаахтааҕы түмэл-галерея бырааттыы айр куттаах Даниловтарга анаммыт. Бу икки саха киһитэ ытыктыы ааттыыр дьонун олоҕун туһунан бэрт кэрэхсэбиллээх ис хоһоонноох түмэл киирээккин кытта олох атын чугас эйгэнэн кууһар. Ол курдук, Сэмэннээх Софрон Даниловтар оҕо саастарыттан саҕалаан, норуодунай бэйиэт уонна суруйааччы буолуохтарыгар диэри дьиэтээҕи олохторун тыыныгар киирэн хаалаҕын. Ол да иһин буолуо, бэрт чугастык ылынаҕын. Сэмэн Данилов чээйдиир чааскыта, бултуур тээбиринэ, Арассыыйа суруйааччыларын кытта алтыспыт эйгэтэ – барыта бу түмэл эспэнээтэ буолан турар. Бэл, Даниловтар үөрэммит оскуолаларын бэрэбинэ эркинэ кытта баара сөхтөрдө!
Оттон Афанасий Осипов аатырбыт хартыыналарын набросоктара, этюдтара – галереяны толору. Бу түмэлгэ араас тэрээһиннэр ыытыллаллар эбит. Биллэн турар, бу түмэл-галереяны киһи биир-икки тылынан кылгастык кэпсээбэт. Баран анаан көрүөххэ, Даниловтар, Афанасий Осипов эйгэлэрин бэйэҕинэн билиэххин наада. Онон Горнайга туризм салаатыгар бу биир бастыҥ эбийиэк буолара саарбаҕа суох.
Удьурҕай – туризм биир кэскиллээх салаата
Омос иһиттэххэ, удьурҕай уонна туризм туох да сибээстэрэ суох курдук.
Ол эрээри Дьячковскайдар дьиэ кэргэн удьурҕайдара горнайдары кэнэҕэс олус улаханнык аатырдар суолга киирбит.
Ол Олоҥхо тиэмэтигэр эрэ буолбакка, баҕа санааны толорууга, оҕо кутун тардыыга, ыал буолууга, баайы-дуолу тардыыга удьурҕайтан анал оҥоһуктары оҥорууну кытта ыкса сибээстээҕиттэн итинник санаа киирдэ.
Номнуо “Дьол тааһын”, “Оҕо тардар”, “Ыал буолар” оҥоһуктары кытта хаартыскаҕа түһэр киһи элбээбит.
Туризмҥа үлэлэһэр дьон Дьячковскайдар үлэлэрин ис хоһоонун умсугутар гына ис хоһоонноотоҕуна, биир ыйынан бу кыракый хоско уочарат буолууһу.
Бу туһунан сиһилии “Саха сирэ” саайтка ыам ыйын 24 күнүгэр суруйбуппун ааҕыҥ.
“Быйаҥнаах” агро-уһаайба – ааттыын да быйаҥнаах!
Руслан уонна Снежана Чемезовтар “Быйаҥнаах” диэн агро-уһаайбалара – тыа сирин аныгы ыалын туризмҥа эрэллээх хардыыны оҥорбутун туоһута.
Эдэр ыал 81 сүөһүлээҕиттэн 36-та ыанар ынах. Онтон 24-дэ номнуо төрөөн турар. Кинилэргэ биһиги сылдьар кэммитигэр 10 биригээдэ дьон кэлэн кустуу сыталлар этэ. Дьиэлээх хаһаайын кусчуттарга сирдэрин бэйэтэ булан биэрэр эбит. Отоннуу, тэллэйдии кэлээччилэри эмиэ отонноох сиргэ илдьэн биэрэллэр. Кыһыннары үлэлиир буолан, баһаалыста, хаҥкы, хайыһар, сыыр бэлэм! 2021 сыллаахха туризм эйгэтигэр сэмэйдик саҥа хардыылаан киирбит дьон икки сыл иһигэр номнуо биллэ кыаҕыран эрэллэр. Быйыл сыл саҥатыттан туристарын ахсаана 100-тэн тахса буолбут. Мантан сайын элбэх сайаапка киирэн сытар эбит. Онон Чемезовтар Горнай туризмын сайыннарар суолга киирбиттэр. Мантан инньэ ааттара дорҕоонноохтук ааттаныыһы.
Ураты түмэл
Кыраайы үөрэтэр мусуой олус дириҥ ис хоһоонноох. Улуус былыргытыттан саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри кэпсэнэр эспэнээт үгүс.
Хос аайы куукулаларынан ойуулаан, Горнай оройуонун олоҕо барыта көрдөрүллүбүтэ — олох ураты тыын, сонун көстүү.
Ретро-массыына быыстапката – ураты үлэ
Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо Захар Павлов ретро-массыыналарынан дьарыктаммыта өр буолбут. Арааһа, оҕо сааһыттан бу саҕыллыбыта буолуо диэтэхпинэ, сыыспатым да буолуо. 1991 сыллаахха “Саха сирин бастыҥ рационализатора” диэн ааты 680 массыынаҕа олоҕу иккистээн эргиппитигэр биэрбиттэр. 6-с разрядтаах гаас сыбаарсыга 80-тан тахса ыалга ититэр ситимин иһэрдэн, таҥан оҥорбут үтүөлээх.
Киһи Горнай улууһугар сылдьан баран биири этиэн сөп – бу манна туризм бары салаата номнуо сайдыбыта ырааппыт.
Сөптөөх турмаршруттары оҥорон, дьону аҕалан сынньатар, билиһиннэрэр уолдьаспыт, кэмэ кэлбит!
«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…
Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…
Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…
Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…
Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…
Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…