Горнай улууһугар 120 педагог кыттыылаах баал буолла

Share

Былырыын Билии күнүн көрсө үлэҕэ киирбит Горнай улууһун С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар Педагог уонна уһуйааччы сылын түмүктүүр 120 педагог кыттыылаах баал буолан ааста.

Биллэрин курдук, 2023 сыл Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылынан биллэриллибитэ. Бу бэлиэ сыл иитинэн өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар араас тэрээһиннэр буолан аастылар. Горнай улууһа үөрэх үлэһиттэригэр аналлаах сылы уратытык тэрийбит.

Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыгын мэтэдиичэскэй үлэҕэ солбуйааччы Мария Корякина:

— Педагог уонна уһуйааччы сылын түмүгүнэн уонна Горнай улууһугар үөрэх тэриллибитэ 125 сылынан Ороһооспотооҕу педагогическай баалы тэрийдибит. Тохсунньуттан саҕалаан сыл устата эстафета ыыппыппыт. Эстафета чэрчитинэн уонна Педагог сылынан оскуолаларынан, уһуйааннарынан маастар-кылаастар, аһаҕас уруоктар, уруогу таһынан дьарыктар, уо.д.а. тэрээһиннэр буолан аастылар. Бэлиэ сылы түмүктүүр уонна педагогическай үлэһиттэри өйүүр, уус-уран эйгэҕэ сыһыарар, талааннаах педагогтары көрдүүр соруктаах литэрэтиирэ баалын тэрийдибит.  Улуус 11 оскуолата, 15 уһуйаана, 3 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ бары кытыннылар. Манна мустубут педагогтар баалга сөп түбэһэрдии таҥнан-симэнэн кэллилэр. Үҥкүүгэ 120-тэн тахса киһи кытынна, — диэн иһитиннэрдэ.

Хаартыска: М.И.Корякина тиксэриитэ.
Хаартыска: М.И.Корякина тиксэриитэ.

Баалы “Фигурный вальс” үҥкүүнэн үөрэх управлениетын начаалынньыга Варвара Ильинична Сметанина уонна начаалынньыгы солбуйааччы Дьулустан Васильевич Алексеев үҥкүүгэ салайыыларынан, үөрэх управлениетын үлэһиттэрэ, педагогтар вальсынан арыйбыттар. Үөрэх тэрилтэтин бэтэрээннэрэ ыҥырыылаах ыалдьыт буолан бэлиэ сыл түмүктэниитин өссө киэргэппиттэр.

Педагог уонна уһуйааччы сылыгар ситиһиилээхтик үлэлээбит, үтүө көрдөрүүлээх, тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыбыт педагогтарга СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн), СӨ Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт, улуустааҕы үөрэх управлениетын кырааматаларын, “Үөрэх лидердэрэ” бэлиэлэри, улуус баһылыгын анал бириистэрин туттарбыттар.

Баал педагогтар бэйэлэрэ туруорбут кэнсиэрдэринэн түмүктэммит. Кэнсиэр нүөмэрдэрин баалга ханыылыы таҥмыттар. Ол курдук, араас романстары толорбуттар, хоһооннору аахпыттар, бэйэлэрэ айбыт ырыаларын бэлэх ууммуттар.

Түгэнинэн туһанан управление Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна эрэгийиэннээҕи үҥкүү успуордун куонкурустарын кыайыылаахтарыгар, “Үҥкүүлүүр Горнай” бэстибээл Гран-при хаһаайыттарыгар “Ренессанс” бальнай үҥкүү устудьууйатын салайааччылара Моруот Майаана Хонооһой Кыыһыгар, Илона Бурцеваҕа, иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһитигэр Туйгууна Ивановна Терентьеваҕа, Л.Е. Лукина аатынан эбии үөрэхтээһин киинин педагога Любовь Петровна Кычкинаҕа педагогтары үҥкүүгэ бэлэмнээһиҥҥэ көмөлөрүн иһин махталын тириэрдэр.

Педагог уонна уһуйааччы сыла Горнай улууһугар ити курдук тэрээһиннээхтик ыытыллыбыт уонна көхтөөхтүк, өрө көтөҕүллүүлээхтик түмүктэммит. Видеоны манна көрүҥ.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: кээмэй табылыыссата

Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ.  1 ыстакаан -- 240 мл.…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

13 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

32 минуты ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

53 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пригороднайдааҕы дьахтар сэбиэтэ: “Бэйэбит анал иистэнэр хостоннубут”

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта  Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…

2 часа ago