Горнай улууһугар “Бүлүү” массыына суолугар 10 км өрөмүөннэннэ
Атырдьах ыйын 30 күнүгэр “Бүлүү” массыына суолугар 204 км — 214 км диэри 10 км усталаах учаастагы болдьоҕун иннинэ үлэҕэ киллэрдилэр.
Өрөмүөннэммит учаастакка ууну ыытар турбалары, хаххалыыр мэһэйдэри, суол бэлиэлэрин туруордулар диэн “Бүлүү” федеральнай суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Өрөмүөннэниэн иннинэ бу учаастак буор кутуулаах этэ, ардаатаҕына, итиэннэ курааҥҥа быыллаах буолан, айанныырга олус эрэйдээҕэ. Билигин манна аспаал кутуллан, “Бүлүү” федеральнай суол уонна “Кэбээйи” эрэгийиэннээҕи суол арахсар сирдэригэр -Ааһымаҕа диэри бэртээхэй суол субуллар.
“Бүлүү” суолун сайыннарыы бырагырааматынан, бастакы уочарат, трасса нэһилиэнньэлээх пууннар аттыларынан ааһар өттүлэрэ оҥоһуллаллар. Балаҕан ыйыгар Бүлүү улууһугар суол 588 км-тан 608 килэмиэтиргэ тиийэ усталаах учаастага үлэҕэ киллэриллиэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: