Горнай улууһугар — Кыайыы Знамята
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/a19a51b8b69d4b64447a35e494a558e91aae5ccb-1-1060x596.jpeg)
«Кыайыы ытык Знамята өрөспүүбүлүкэ оройуоннарынан айаннаан, элбэх омуктаах норуот Аҕа дойду Улуу сэриитигэр хорсун быһыытын санатар. Бүгүн Хаҥалас улууһа эстэпиэтэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга Горнай улууһугар туттаран, горнайдар 14-с оройуонунан буоллулар. Үс күн устата Кыайыы Знамята бары нэһилиэнньэлээх пуннарга тиийиэҕэ. Биһиги бары өйдүү-саныы сылдьабыт, бары киэн туттабыт!» – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Кыайыы бэлиэтин — Знамяны туттарыы Горнай улууһун Маҕараһыгар буолла. Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев Знамяны Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччы Юрий Никифоровтан тутта.
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/a19a51b8b69d4b64447a35e494a558e91aae5ccb-1.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/d6ffb1e38398b0746feb35a96ab0cb0207789141.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/780a675b7b063c6dbf67f9796a75e4b31cd784ea.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/4fc87b6f3264993c445512e8096357338aa226e9.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/08677cc4a327aae0df643fa07d26e6c27bd8f077.jpeg)
Сарсын улуус киинигэр Бэрдьигэстээххэ сүрүн тэрээһин буолуохтааҕын уонна т уһааннаах эстэпиэтэ ыччаты патриотическай иитиигэ улахан суолталааҕын улуус баһылыга Никита Андреев этэр.
Олунньу 13 күнүгэр Горнай улууһа эстэпиэтэни Бүлүү улууһугар туттарыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: