Бөлүүн атырдьах ыйын 18 күнүгэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр күүстээх тоҥоруу түспүт.
Бу туһунан СИА-ҕа Бэрдьигэстээх олохтооҕо Василий Алексеев иһитиннэрдэ. Сарсыарда туран кини буочука уута мууһурбутун бэлиэтээбит.
«Үгүс улуустарынан маннык күүстээх тоҥоруу өссө түһэ илик диэн билэбин. Горнай улууһун олохтоохторун маннык сонун соһуппат, билигин атырдьах ыйа буолан тоҥоруу түһэрэ эрдэ биллэр этэ. Былырыын бастакы тоҥоруулар өссө от ыйыгар түспүттэрэ. Бэрдьигэстээххэ, Ааһымаҕа, Өрткө Маҥараска номнуо хаһыс да күнүн тоҥордо. Нэһилиэк олохтоохторо кыстыкка бэлэмнэнэллэр», — диэн бэлиэтээтэ Василий Алексеев.
Санатан эттэххэ, бүгүн кэккэ улуустарынан тоҥоруу түһэрэ күүтүллэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…