Горнай улууһугар “Одуну фест” олохтоох холбоһуктар бэстибээллэрин ыытыахтара

Share

Атырдьах ыйын 16 уонна 17 күннэригэр Горнай улууһугар үһүс сылын тэриллэр “Одуну фест” олохтоох түмсүүлэр бэстибээллэрин ыытыахтара. Бастакы күҥҥэ туристическай эбийиэктэринэн иһитиннэрэр тууру былаанныыллар, иккис күн – “төгүрүк остуол”, эспиэртэр тыл этиилэрэ, маастар-кылаастар.

Бэстибээли үгэс быһыытынан Маҕараска сынньалаҥ пааркатыгар аһыахтара. Бырагыраама биэс чаастаах: дьыалабыай, култуура, успуорт, урбаан, холбоһук. Ол иһигэр кыттааччылары кылгас метражтаах киинэ бэстибээлэ, CS GO фиджитал-турнир,  многоборьеҕа турнир, уулусса дьаарбаҥката, аныгы үҥкүүгэ куонкурус, худуоһунньуктарга аналлаах тэрээһин күүтэр.

Дьыалабыай бырагыраамаҕа министиэристибэлэр, муниципалитеттар баһылыктарын бэрэстэбиитэллэрэ уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыылаах «Вызовы современного мира: как обеспечить развитие сельских территорий» панельнай сиэссийэ, ону сэргэ, «Преобразование сельских территорий: ответ на современные вызовы» тиэмэҕэ холбоһуктар дискуссионнай былаһааккалара киирэр.

Урбаанньыттар былаһааккаларыгар урбаанньыттарга аналлаах «Инвестиционный потенциал Горного улуса» “төгүрүк остуолу” ыытыахтара, “Бизнес-стартап” бырайыак кыттыылаахтарын сүрэхтэниитин уонна үлэлэрин көмүскээһиннэрэ итиэннэ “Про стартап” иһитиннэрэр куурус, эспиэртэр сүбэлэрэ-амалара, маастар-кылаастар, уо.д.а. буолуохтара.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago