Алтынньы 13 күнүгэр, социальнай ситимнэргэ “Бүлүү” массыына суолун 169-с килэмиэтирин кытыытыгар тайах этэ сытарын туһунан иһитиннэрии тарҕаммыта.
Өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа министиэристибэтин госэконадзорун Горнайдааҕы иниспиэксийэтин уонна Горнай улууһугар ветеринария управлениетын исписэлиистэрэ чинчийдилэр. Ыйыллыбыт сиргэ массыына кыылы түҥнэри көппүт суолун (бампер, сиэркилэ үлтүркэйдэрин, хааны) буллулар. Сиһилии үөрэтии түмүгэр биллибитинэн, тайаҕы суолтан 500 миэтэрэҕэ соспуттар уонна эттээбиттэр. Онно кыыл төбөтө уонна тириитэ эрэ хаалбыт.
Экология министиэристибэтэ Горнай улууһун ОМВД видеонан кэтээн көрөр камера көмөтүнэн тайаҕы түҥнэри көппүт массыынаны чопчулуурга ирдэбил ыытта. Ону таһынан полиция итиннэ кыттыгастаах дьону буларга үлэни ыытар.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…