Горнай улууһугар туризм сайдар олуктара (ВИДЕО)

Share

Быйылгыттан ыла Горнай улууһун салалтата туризмы сайыннарар сыалтан туристары кытта үлэни былааннаахтык ыытан эрэр.

Ол инниттэн 2025 сылга диэри улуустааҕы дьаһалта тустаах исписэлиистэрэ анал «Дорожная карта» диэн чопчу ыйынньыктаах докумуон оҥорон бэлэмнээбиттэр. Онно ыйылларынан, 2023 сылга   улууска 34 тыһ. туриһы сынньатарга былааннаабыттар.  Ол курдук, көрүҥнэринэн араардахха: «событийнай» бөлөххө — 10 000,   култуурунай билии-көрүү бөлөҕөр – 19 000, экология салаатыгар — 5000 турист кэлэн барыахтаах.

Быйылгыттан ыла “Саха сирэ” хаһыат Үлэ сылынан сибээстээн, өрөспүүбүлүкэҕэ туризм сайдыытыгар үлэлиир урбаанньыттар үлэлэрин сырдатар соруктаах саҥа бырайыагы олоххо киллэрэр соруктаах. Онон сибээстээн, бу күннэргэ  хаһыат суруналыыстара Горнай улууһугар туризм сайдыан сөптөөх көрүҥнэрин билсэ, үөрэтэ анаан баран кэллибит. Аны Нам, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар баран кэлэр баҕа санаа баар.

Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, төһө да өрөбүл күн буоллар, суолта биэрэн суруналыыстары кытта улуус дьаһалтатыгар анаан көрүстэ.

Баһылык Горнай улууһугар туризм сайдыан сөптөөх олуктарыттан санаатын этэн кэпсэтиини саҕалаата. Никита Андреев бэлиэтииринэн, Горнай — киин оройуоннарга саамай аҕыйах нэһилиэнньэлээх улуус ахсааныгар сылдьар.

Бырамыысаланнас тэпсибэтэх дойдута буолан, экология өттүнэн олус ыраас, кыыла-сүөлэ, үүнээйиитэ баай дойду.  Нэһилиэнньэ ахсаана – 12 200 киһи.

Баһылык тыа сиригэр туризмы сайыннарыы кэккэ олуктарын холобурдаан туран, «Бэрдьигэстээх, Мытаах, Аһыма, Маҕарас уо.д.а. нэһилиэктэр “Өрөбүллээҕи сынньалаҥ туура” курдук тыа сиринээҕи туризмы сайыннарыахтарын сөп» диэн бэлиэтээтэ баһылык.

Биһиги Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга Алексей Аргуновы, баһылыгы солбуйааччы Ксения Васильеваны кытта эрдэттэн сибээһи тутуһан, сылдьар кыраапыкпытын оҥорторбуппут. Онон бастакы түһүмэхпитин Дьиикимдэ сэлиэнньэтиттэн саҕалаатыбыт. Аара баран иһэн «Үс көлүйэ» пиэрмэ биэс бэһиэлэй кыргыттарын туһунан народнай бэйиэт Семен Данилов хоһоонугар, Иван Иванов мелодиятыгар айыллыбыт  сиригэр тохтоотубут.  Мытаахтыыр суолга бу ырыа дьоруойдарын бэрт улахан мэтириэттэрэ “Үс көлүйэ” пиэрмэтигэр киирии суолга анаан оҥоһуллан ыйанан турара – дьикти ураты көстүү.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар,  бу кыргыттар ааттара-суоллара, кэлин туох үлэһит буолбуттара суруллубут. Ол курдук, Анастасия Парфенова – педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин ситимин Бочуоттаах үлэһитэ. Клара Николаева – сибээс, үөрэх салаатыгар үлэ бэтэрээнэ. Мария Петрова – 1957 сыллаахха Москва куоракка Бүтүн Сойуустааҕы Норуот хаһаайыстыбатын  ситиһиилэрин быыстапкатын кыттыылааҕа. Татьяна Михайлова – Монголия үөрэҕириитин туйгуна, МНР үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, МНР “Хотугу сулус” уордьанын кавалера, Елизавета Стручкова – Орджоникидзевскай оройуонун олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ.  “Мытаах нэһилиэгин “Ленин” аатынан холхуос кыргыттара хаартыскаҕа 1961 сыл атырдьах ыйын 10 күнүгэр түспүттэр. Мантан 500 м тэйиччи бардахха, кыргыттар үлэлээбит “Үс көлүйэ” пиэрмэлэрин олоҕо турар” диэн бэрт аҕыйах тыллаах эрээри, олус дириҥ ис хоһоонноох суруктан киһи үгүһү билэр. Дьэ, туризм биир көстүүтэ саҕаланнаҕа ити.

Сотору буолаат, Мытаахтааҕы мусуой-галереяҕа тиийэн кэллибит.

Улуус баһылыга Никита Андреев Мытаахтааҕы түмэл суолтатын, Горнай улууһа киэн туттар биллиилээх айар куттаах дьонун Семен, Софрон Даниловтар, Афанасий Осипов туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:

Онтон салгыы Эбэ алааһыгар «Быйаҥнаах» агро-уһаайбаҕа айаннаатыбыт. Бу тыа сиригэр олохтоохтук сайдыан сөптөөх биир кэскиллээх салаа дьэ хайдах эбитий?

Руслан уонна Снежана  Чемезовтар “Быйаҥнаах” диэн агро-уһаайбалара – тыа сирин аныгы ыалын туризмҥа эрэллээх хардыыны оҥорбуттарын туоһута.  Эдэр ыал 81 ынах сүөһүлээхтэриттэн 36 ыанар ынахтаахтар. Онтон 24-дэ номнуо төрөөн турар. Кинилэргэ биһиги сылдьар кэммитигэр 10 биригээдэ дьон кэлэн кустуу сыталлар этэ. Дьиэлээх хаһаайын кусчуттарга сирдэрин бэйэтэ булан биэрэр эбит.

Чемезовтарагро-уһаайба тэриммиттэр икки сыл буолла, кэскиллээх былааннара үгүс.

Туристары көрсөр дьиэлэрин анаан киирэн көрдүм.

Ити курдук, нэһилиэк таһымыгар туризм хайдах сайдыан сөбүн туһунан билсэн баран, аны Бэрдьигэстээххэ салгыы айанныыбыт. Бу сырыы туһунан, күндү ааҕааччым, туспа сырдатыыбын салгыы көтүппэккэ ааҕаргар эрэнэбин.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

5 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

3 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев гаас-мотуор уматыга тиийбэт балаһыанньата хатыламматыгар сорудахтаата

"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…

3 часа ago