Горнай улууһун салалтата уопсастыбаннай тэрилтэлэри уонна түмсүүлэри күүстээхтик өйүүрүнэн биллэр.
Бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, улуус түөрт нэһилиэгэр уопсастыбаннай үлэни сайыннарыыга, көдьүүстээх үлэни тэрийиигэ кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэри (НКО-лары) өйүүргэ туһуланан, улуус бүддьүөтүттэн 2 мөл. 135 тыһ. солк. үп көрүллэрин туһунан Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев анал дьаһала таҕыста.
Хаартыска — Роман Дмитриев тиксэриитэ.
Бу дьаһалга олоҕуран, күрэс түмүгүнэн бастаабыт Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр түөлбэлэри (ТОС-тары) сайыннарыыга 700 тыһ. солк. көрүлүннэ. Атамайга — 600 тыһ. солк., Маҥаныга — 500 тыһ. солк., Кировскайга — 335 тыһ. солк. бэриллиэҕэ.
Бу туһунан «Маатта сонуннара» телеграм-ханаалга Роман Дмитриев иһитиннэрдэ.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…