«Горнай улууһун көтөрдөрө» диэн дидактическай босуобуйа таҕыста

Share

Бу күннэргэ «Горнай улууһун көтөрдөрө» дидактическай  босуобуйа таҕыста, ааптардарынан ураты харыстанар сир судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Сардаана Кривошапкина уонна Бэрдьигэстээх улууһун гимназиятын географияҕа учуутала Елена Алексеева буолаллар.

Бу туһунан СӨ Биологическай ресурсаларын департамена иһитиннэрэр.

Босуобуйаҕа С. Кривошапкина, В. Семенов, И. Яроев хаартыскалара киирдилэр, рецензенинэн ИБПК РНА ХС зоологическай чинчийиилэрин отделын старший научный сотруднига, б.н.к. Евгений Шемякин кытынна.  «Горнай улууһа» муниципальнай оройуон айылҕатын харыстабыла» муниципальнай бырагырааманан үбүлэннэ.

Билиҥҥитэ Саха сиригэр 339 араас көтөр баара биллэр, онтон Горнай улууһугар 160 көрүҥэ баар. Көтөрдөр манна олохтоох уонна кэлэн барар көрүҥнэргэ арахсаллар. Үгүс көтөр улуус сиригэр-уотугар кыстыыр. Интэриэһиргиир дьоҥҥо бу олус туһалаах кинигэ буолар. Босуобуйа айылҕаны таптааччыларга көтөрдөр көрүҥнэрин билэргэ уонна кинилэр биологияларын үөрэтэргэ көмөлөһүөҕэ. «Горнай улууһун көтөрдөрө» диэн дидактическай босуобуйа фотокарточкаларын кэннигэр көтөр туһунан ойуулааһын уонна ааптар видеолаах QR-куода баар.

Горнай улууһунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтэ «Көтөрү аһатыы» бырайыагы олоххо киллэрэр, онно улуус уһуйааннара уонна оскуолалара көхтөөхтүк кытталлар. Бу улахан, чаҕылхай хартыыналаах бэртээхэй кинигэ оҕолору Горнай улууһугар баар көтөрдөрү кытта билиһиннэриэҕэ.

Инникитин босуобуйа ааптардара көтөрдөр тустарынан, ону тэҥэ биотехническэй тэрээһиннэн уонна кыылы-сүөлү аһатыы туһунан матырыйаал иккис кинигэтин таһаарар былааннаахтар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

35 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

1 час ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

3 часа ago