Салгыы
Горнай улууһун олохтоохторо хирургияҕа көмөнү миэстэтигэр ыллылар

Горнай улууһун олохтоохторо хирургияҕа көмөнү миэстэтигэр ыллылар

24.05.2024, 12:52
Хаартыска: РБ 2
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа мобильнай хирурдарын биригээдэтэ Горнай улууһугар тиийэн, 60-тан тахса эпэрээссийэни оҥордо.

Биригээдэ Горнай улууһугар үлэтэ ыам ыйын 13 күнүттэн саҕаламмыта уонна  ыам ыйын 26 күнүгэр түмүктэниэхтээх.
«Быраастар билигин эпэрээссийэлэммит дьон туругун кэтээн көрөллөр уонна бэрэбээскилэри оҥороллор, балыыһаттан тахсарга  бэриллэр докумуоннары толороллор», — диэн Хирургия мобильнай киинин салайааччыта Зораб Саакян иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, мобильнай биригээдэҕэ ангиохирург, анестезиолог-реаниматолог, хирург, оториноларинголог (лор), колопроктолог, травматолог-ортопед быраастар, эпэрээссийэ 2 сиэстэрэтэ уонна анестезист-медбрат бааллар.

«Хирургия мобильнай киинэ» бырайыак Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн быйыл тохсунньуттан саҕаламмыта. Бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо олорор сирдэриттэн барбакка эрэ, Оройуоннааҕы балыыһаларыгар хирургия былааннаммыт анал көмөтүн ылалларыгар туһуланар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа хирурдарын биригээдэтэ хайыы үйэ 8 улууска: Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Ньурбаҕа, Үөһээ Дьааҥыга, Горнайга, Сунтаарга сырытта. Тохсунньуттан барыта 225 эпэрээссийэни оҥордулар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 июля
  • 23°C
  • Ощущается: 23°Влажность: 60% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: