Горнай улууһун олохтоохторун сэдэх үөн-көйүүр ыспыта долгутта
Горнай улууһун Маҥарас олохтоохторо «Т» буукубаны санатар ураты, сэдэх үөн ыспытын бэлиэтии көрөн хаартыскаҕа түһэрдилэр уонна социальнай ситимнэринэн тарҕаттылар.
Хаартыскаҕа көрдөххө, бу үөн-көйүүр биир ыал дьиэтин түннүгүн сырдыгар тиийэн ыспыт. Дьикти көстүү туһунан СИА-ҕа биолог, «Якутия» технопарк резидена Евгений Попов быһаарарынан, бу лыахтар «пальцекрылкалар», элбэх буолан бииргэ мустубуттар уонна түүҥҥү өттүгэр эрэ көтөллөр эбит.
«Үөн-көйүүр мин олорор дьиэм таһыгар бөлүүн баар буолбуттарын бэлиэтии көрбүтүм. Сарсыарда син аҕыйаабыттара, ол гынан сорохторо билигин да дьиэ иһигэр киирэн көтөллөр. Чугас ыалларбыттан ыйыппытым да, кинилэргэ оннук үөн-көйүүр суоҕа», — диэн Горнай улууһун Маҥарас сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Василий Кривошапкин иһитиннэрдэ.
«Бу сэдэх лыахтар, «пальцекрылкалар», дьиҥэр дьон хараҕар улаханнык көстүбэттэр. Аны туран маннык элбэх ахсаанынан мустан көтөллөрө олус ураты көстүү буолар. Үксүн дьон хараҕар муҥутуур биир-икки эрэ лыахтары түбэһэн көрүөххэ сөп. Ханна эрэ чугастыы үөн-көйүүр үөскээн, элбэх буолан ыспыт буолуон сөп. Кинилэр сибэкки сүмэһининэн аһыыллар. Лыахтары аһылык, үүнээйи эбэтэр «львиный зев» сибэкки угуйбута саарбахтанар. Ону кытта хараҥа өттүгэр көтөр буоланнар, дьиэ түннүгүн сырдыга тардыбыта буолуо. Киһиэхэ уонна кыылларга туох да буортуну оҥорботтор. Саха сиригэр олус кылгас кэм иһигэр олороллор. Лыахтары олус сэдэхтик көрөллөр, тоҕо диэтэххэ, эттэрин-сииннэрин тутула уонна кынаттара мастар силистэригэр уонна үүнээйилэригэр майгынныыллар», — диэн Евгений Попов кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: