Салгыы
Горнай улууһун Таас Боотура Дьулустаан Ноговицын

Горнай улууһун Таас Боотура Дьулустаан Ноговицын

07.07.2024, 10:20
Андрей Сорокин хаартыската
Бөлөххө киир:

Быйыл онус сылын Дыгын оонньууларыгар кыттан кыайыылааҕынан буолбут Горнай улууһун Таас Боотура Дьулустаан Ноговицын – өрөспүүбүлүкэ биир ааттаах-суоллаах спортсменнарыттан биирдэстэрэ.

Кини национальнай многоборье кубогын чөмпүйүөнэ, мас тардыһыытыгар аан дойдутаа­ҕы (икки төгүл), Арассыыйа, Саха сирэ чөмпүйэнээттэрин көмүс мэтээллэрин хаһаайына, Манчаары оонньууларын призера. Быйылгы Дыгын оонньууларыгар Саха сирин ааттаах-суол­лаах күүстээх спортсменнарын кытта успуорт сэттэ нацио­нальнай көрүҥнэригэр: ыстаныыга, тутум эргииргэ (“вертушка”), мас тардыһыытыгар, ох саанан ытыыга, хапсаҕайга, 400 миэтэрэ сүүрүүгэ уонна тааһы көтөҕүүгэ кииристэ. Быйыл Дыгын оонньууларыгар 132 киилэлээх тааһы Өймөкөөн улууһуттан анаан аҕалбыттара. Таас Боотурунан аатырбыт Дьулустаан Ноговицын бу тааһы 150 миэтэрэҕэ тиийэ көтөҕөн илдьэн, саҥа рекорду олохтоото. 16 сылы быһа 116 киилэ ыйааһыннаах тааһы көтөҕө сылдьыбыттара. 2021 сыллаахха бу тааһы 250 миэтэрэҕэ тиийэ көтөҕөн, Дьулустаан Ноговицын рекорд олохтоон, Таас Боотурунан ааттаммыта.

Бүгүн Дьулустаан Ногови­цын-Таас Боотур – хаһыаппыт ыалдьыта.

Успуорка сыстыы – оҕо саастан

– Дьулустаан, эн ус­­пуорка олох кыра эрдэххиттэн уһуйуллубут эбиккин.

– Мин Горнай улууһун Маҕарас нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм. Маҕарас – успуорт дьоруойдарын уутуйан үөскээбит дойдулара. Ол курдук, бырааттыы Контоевтар Маҕарастан төрүттээхтэр. Төрөппүттэрим успуордунан утумнаахтык дьарыктанар дьон. Ийэм Людмила Михайловна чэпчэки атлетиканан, аҕам Петр Петрович мас тардыһыытынан дьарык­таналлара. Ол иһин бэйэбин өйдүөхпүттэн успуорт саалатыттан арахсыбаппын. Аҕам мас тардыһар буолан, бэйэтин кытта илдьэ сылдьан успуорт бу көрүҥэр уһуйбута. Мас тардыһыытыгар өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ буолан, бэтэрээннэргэ ыытыллар күрэхтэһии­лэргэ өрүү кыттар этэ. Мин успуорт бу көрүҥэр 11-с кылаас­ка сылдьан ылларбытым. Онтон олохтоохтук ХИФУ физическэй култуура уонна успуорт институтугар устудьуон­нуу сылдьан дьарыктаммытым. 2012-2013 сылларга аармыйаҕа сулууспалаабытым.

Умнуллубат “дыгыннар”

– Быйыл онус сылгын сыралаһан Дыгын оонньууларыгар бастаатыҥ. Кыайыыга дьулуһууҥ, аатыҥ да туоһулуурун курдук, күүстээх эбит. Саамай өйдөөн хаалбыт “Дыгыныҥ” хас сыллаахха этэй?

– Дьулус диэн аҕам бэйэтин чугас доҕорун аатынан ааттаабыт. Аан бастаан Дыгын оонньууларыгар аармыйаттан кэлээт кыттыбытым. Онно 7-с буолбутум. Саамай ыарахан “Дыгын” 2019 сыллаахха этэ. Онно кыттыыбар хайдах эрэ ис-испиттэн долгуйбутум. Санаам-оноом ол эрэ этэ. Дьарыктана сылдьан мэктиэтигэр кыа­йан утуйбат турукка киирбитим. 79 киилэҕэ тиийэ ыйааһыным түспүтэ. Оттон саамай үчүгэй “Дыгын” 2022 сыллаахха этэ. Онно бэркэ киирсибитим.

Идэҕэ таба тайаныы

– Дыгын оонньууларын сэттэ көрүҥүттэн ыарыр­ҕатар дуу, сөбүлээбэт дуу көрүҥнэрдээххин дуо?

– Тутум эргиири уонна сүүрүүнү сөбүлээбэппин. Киһи сыратын-сылбатын ылаллар. Күүһү-уоҕу эрэйэр көрүҥнэри ордоробун. Биллэн турар, эрчиллии элбэҕи быһаарар. Идэбинэн – баһаарынайбын. Өссө институкка үөрэнэ сылдьан олохпун Ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатыгар аныырга санаммытым. Онуоха, биллэн турар, успуордунан дьарыктаныым олус туһалыыр. Дьокуускай куорат 1-кы баһаа­рынай-быыһыыр чаас 4-с караулугар сулууспалыыбын. Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Биир күн үлэлиир, үс суукка сынньанар кыраапыктаах буолан, успуордунан дьарыктанарбар олус табыгастаах. Иллэҥ күннэрбин дьарыкпар аныыбын.

«Бигэ тирэҕим – чугас дьонум…»

– Дыгын оонньууларыгар кыттаргар чугас дьонуҥ аттыгар сырыттахтара дии?

– Кэргэмминээн Виолет­талыын Маҕарастан төрүттээхпит. Кини Сергей Зверев-Кыыл уола аатынан үҥкүү национальнай тыйаатырыгар балет артыыһа. Үс оҕолоох­пут – икки уол уонна биир кыыс. Улаханым 9-с саастаах, ортом – 2-тэ, кырам – уон биир ый­­даах киһичээн. Кэргэним мин кыттар күрэхтэһиилэрбин биири да көтүппэт, өрүү миэхэ ыалдьар, санаабын көтөҕөр. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр иккиэбит. Биэс сыл аҕа эдьиийдээхпин. Кини, күтүөтүм уонна кэргэним күрэхтэһиини көрө олорбуттара. Ийэм оҕолорбун көрө олорор буолан, мин күрэхтэһиигэ кыттарбын тэлэбиисэринэн кэтээн көрбүтэ. Онон бигэ тирэҕим – чугас дьонум.

Көрөөччү эрэлэ

– Аны “Көрөөччү биһи­рэбилэ” бириис – 100 тыһыынча солкуобай эмиэ эйиэхэ тигистэ!

– Күрэхтэһии кэмигэр “Тунах түһүлгэҕэ” көрөөччү тырыбынатыттан дьикти, ураты күүстээх салгын илги­йэр курдуга. Дьон миэхэ эрэлэ күүспэр күүс эбэрэ, санаабын кынаттыыра. Хайдах эрэ дьонум-сэргэм миэхэ эрэлин ыһык­тыбатах киһи дии саныырым. “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн мээнэҕэ этиллибэтэх. Тырыбынаҕа олорор ыалдьааччылар миигин өйүүр санааларын күүһэ кыайыыга аҕалла. Онон сахам дьонугар миэхэ эрэллэрин иһин махталым муҥура суох.

Тириэньэргэ махтал

– Эн урукку “дыгыннарга” долгуйан ууҥ көтөн хаалар эбит буоллаҕына, быйыл 10-с үбүлүөйдээх оонньууларгар үчүгэйдик утуйан, сынньанан кэлбиккин бэлиэтээбитиҥ.

– Саамай дьиктитэ – хаһан да утуйбатахпын кытаанахтык утуйан хаалбыппын. Сарсыарда кэргэним төлөпүөннээн уһугуннарбыта. Дьонум миигин сынньатаары дойдуларыгар тахсыбыттара. Бастакы күммэр сылайан, 11 чааска сы­­таат да утуйбутум уонна сарсыарда 8 чааска чөлбөр түһэн турбутум. Күрэхтэһии саҕаланыан иннинэ дойдубар Маҕараска тиийэн, алаадьы ууран сирбин аһаппытым. Күрэхтэһиигэ киириэм иннинэ өбүгэлэрбиттэн, Үс Хатыҥтан көрдөспүтүм. Тириэньэрбин Иван Белолюбскайы хайдах эрэ хомоппотох киһи диэн санаа олох арахсыбатаҕа. Кыайыыны сити­һиибэр Иван Прокопьевичка махталым сүҥкэн. Ыам ыйыгар күүстээх дьарыгы ааспыппыт. Сүүрүүбэр эрэллээх этим. Күүстээх дьарыкка ситиһии кэлэр эбит. Бүтэһик сүүрүүбэр атахпын өлөрбүтүм. Ол сылдьан Николай Матаннанов эчэйбитин истибитим. Онно сэрэхэдийэ санаабытым.  Ол иһин эчэйбэт сыалтан, биир да ыһыахха кыттыбатым.

«Дыгыннаан» бүтүө дуо?

– Суруналыыстар ыйытыыларыгар «Дыгыннаан бүтэбин» диэн санаа киирэр…” диэн бэлиэтээн тураҕын. Тохтуур былааннааххын дуо?

– Кыахтаах ыччаттар тахсан эрэллэр, кинилэргэ мэһэйдиэх­пин баҕарбаппын. Сыалбын ситтим, ыларбын ыллым, аны тугу да дакаастыыр санаам суох. Ол эрээри эмиэ да эрдэ эппэппин. Чугас дьоммун кытта сүбэлэһиэм, толкуйданыам. Эһиил 35 сааспын туолабын. Күүспүн-уохпун успуорка анаатым, онон салгыы атын күрэхтэһиилэргэ кыттыам.

… Успуорт тулхадыйбат девиһэ: «Дьулус, тулуй, кыай!» диэн күүстээх этии Дьулустаан Ноговицыҥҥа  – Горнай улууһун Таас Боотуругар анаммыт эбит. Дьулустаан Ноговицын чаҕылхай кыайыыта  – төрөөбүт Сахатын сиригэр күндү бэлэҕэ!

+1
27
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
3
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: