Горнай улууһуттан Вензеллэр — «Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт» куонкурус кыайыылаахтара!
Бүгүн Туймаада ыһыаҕар “Саха сирэ” хаһыат Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар анаан өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкуруһун тэрийэн ыытта.
Эрэдээксийэ бу дьыл ыам ыйын 22 күнүттэн бэс ыйын 26 күнүгэр диэри “Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” диэн куонкурус бастакы түһүмэҕин ыыппыта. Тэрээһиҥҥэ Уус Алдантан, Орто Халыматтан, Хаҥаластан, Мэҥэ Хаҥаластан, Ньурбаттан, Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Горнайтан, Дьокуускайтан уопсайа 30 сайаапка киирбитэ. Түһүмэххэ киирбит кыттааччылар ырыаларын, толорууларын бэрт ирдэбиллээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Ол курдук , СӨ үтүөлээх артыыһа, Эстрада театрын артыыһа, ырыа матыыбын айааччы Тамара Попова – Хадаана, саха эстрадатын сулуһа Фатина Иванова-Дунаайа, «Саха сирэ» хаһыат бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Татьяна Маркова, “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үтүөлээх суруналыыһа Надежда Егорова-Намылы үлэлээтилэр.
“Саха сирэ” хаһыат бу бастакы бырайыага буолбатах. Икки сыллааҕыта эмиэ Туймаада ыһыаҕар “Саха сирэ ыллыыр” диэн ырыа күрэһэ бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, “Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” куонкуруска хаһыаппыт дьоруойдара кыттыыны ыллылар. Ол курдук, 2019 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи «Тыа ыала» куонкурус кыайыылаахтара, Горнай улууһун Орто Сурт нэһилиэгин Ксения Анатольевна, Алексей Петрович Вензеллэр тустарынан хаһыаппытыгар сырдатан турабын. Айар куттаах кэргэнниилэр оҕолорун Анатолийы, Артуру, Авдейы, Алексы уонна Адрианы кытта аҕаларын төрөөбүт дойдутун Тымныы полюһа Өймөкөөнү үйэтитэн, «Чысхаан» диэн вокальнай-инструментальнай ансаамбыл тэриммиттэрэ. Кинилэр бэйэлэрин билиһиннэрэр докумуоннарыгар айар үлэлэрин барытын сырдаппыттара. Ол курдук, бу күннэргэ Арассыыйатааҕы «Родник» куонкуруска сайаапкаларын ыыппыттар. Сотору кэминэн «Саха сирэ» хаһыаты тутаат, аны дьиэ кэргэн куонкуруһун туһунан аахпыттар. Ыал аҕата Алексей Петрович: «Бу — биһиги куонкуруспут, хайаан да кыттабыт!» диэбит. Ыал ийэтэ Ксения Анатольевна «Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылларыгар биһиэхэ анаммыт куонкурус эбит» диэн тута сөбүлэспит.
Мин кыайыы сырдык дьаралыгар куустарбыт ыаллары айаннаан истэхтэринэ төлөпүөнүнэн сибээстэстим (атын тэрээһиҥҥэ сүүрбүт буолан, Вензеллэр кыайыыларын истибэтэҕим).
Ксения Анатольевна Олус үөрбүт куолаһынан:
— «Саха сирэ» хаһыат кэлэктиибигэр олус улахан махталбын тиэрдэбин! Кырдьык да, өрүү кырдьыгы суруйар хаһыат дииллэрин илэ итэҕэйдим. Кырдьыга, ханнык эрэ түгэҥҥэ бастыыр эрэ санаалаах кэлбит дьон, олус күүстээх, кыахтаах кыттааччылары көрөн, сэрэхэдийэн ылбытым. Биһиги дьолбутугар, дьүүллүүр сүбэ, кырдьык, да дьиҥнээх кыахтаах, бары өттүнэн ирдэбиллээх дьүүллүүр сүбэ эбит! Кинилэр эрдэ ыыппыт докумуоммутун сиһилии үөрэппиттэр, көрбүттэр-истибиттэр. Онон аҕыйах мүнүүтэлээх толоруунан эрэ сыаналаабакка, айар үлэбитин, хас биирдии ситиһиибитин учуоттаан, олус сөптөөхтүк дьүүллээтилэр. Бу куонкурус икки түһүмэҕинэн барыыта тэрээһини өссө үрдүк таһымныыр. Бастаан ситиһиилэрбитин, айар үлэбитин кытта ыкса билсэн баран, илэ бэйэбитин истэллэр эбит. Онон мантан инньэ «Саха сирэ» хаһыат ыытар бары куонкурустарыгар салгыы кыттыахпыт. Махтал буоллун, «Саха сирэ» кэлэктиибигэр! Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларынан бэртээхэй тэрээһини бэлэхтээн, биһигини наһаа үөртүгүт!», — диэн Өлүөнэ очуостарыгар путёвканан наҕараадаламмыт дьоллоох ыал ийэтэ Ксения Вензель санаатын үллэһиннэ.
Вензеллэр — олус иллээх айар дьиэ кэргэн. Ыал аҕата Өймөкөөн улууһун Сордоҥнооҕуттан төрүттээх Алексей Петрович сынньалаҥ киинин салайааччыта, ыал ийэтэ Горнай улууһун Орто Сурт нэһилиэгин олохтооҕо Ксения Анатольевна оскуолаҕа педагог-бибилэтиэкэр. Хомойуох иһин, дьиэ кэргэн ансаамбыла ыһыах күн музыкальнай инструменнарын бачча ыраах кыайан тиэйэн аҕалбатылар. Онон ыал аҕата Алексей Вензель бэйэтин тылыгар уонна мелодиятыгар саха эстрадатын сулустара сөбүлээн ыллыыр аатырбыт “Оо, Дайаана, Дайаана” диэн ырыатын дьиэ кэргэнинэн толордулар.
Горнай улууһун дьоллоох ыалыгар эрэллээх кыайыыларынан истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!
Видеоҕа Елена Потоцкая устуута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: