Хаартыска Горнай улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Бүгүн Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, улуус кылаабынай бырааһа Егор Григорьев уонна улуус дьаһалтатын дэлэгээссийэтэ доруобуйа харыстабылын миниистирин Лена Афанасьеваны кытары көрүстүлэр.
Кинилэр Горнай оройуонугар мэдиссиинэни салгыы сайыннарыы, кэлэр өттүгэр эбийиэктэри тутуу уонна каадыр боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Көрсүһүүгэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин уонна Горнай оройуонун дьаһалтатын икки ардыларыгар доруобуйа харыстабылын тиһигин сайыннарыы былааннарын олоххо көдьүүстээхтик киллэрэргэ бииргэ үлэлээһин наадата ыйылынна.
Бу хайысхаҕа икки өттүттэн бииргэ үлэлииргэ уонна хардарыта көмөлөһөргө бэлэмнэрин биллэрдилэр. Горнай оройуонун олохтоохторугар мэдиссиинэ көмөтүн көдьүүһүн уонна хаачыстыбатын үрдэтиигэ туһуламмыт чопчу хайысхалар уонна дьаһаллар ыйылыннылар.
Миниистир маннык көрсүһүүлэр олус суолталаахтарын бэлиэтээтэ. Маннык көрсүһүүлэр тирээн турар кыһалҕалары суһаллык быһаарарга уонна мэдиссиинэ сайдыытын стратегиятын оҥорорго көмөлөһөллөр. Бу көрсүһүү түмүгүнэн, Горнай оройуонун нэһилиэнньэтин хаачыстыбалаах уонна табыгастаах мэдиссиинэ көмөтүнэн хааччыйыы тиһигин салгыы тупсарарга туһаныахтара.
Ахсынньы 29 күнэ. Ил Дархан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үлэлээтэ. Аллараа Бэстээххэ учаастактааҕы балыыһа саҥа дьиэтэ…
Саха саныырынан, утуйар уу араастаах. Сылбай уу кэмэ -- киэһэ сыппыт кэннэ түүн үөһүгэр диэри.…
Хатас нэһилиэгэ сыллааҕы үлэни-хамнаһы түмүктүүр киэһэтэ буолан ааста Сылы түмүктүүр, ааспыты анаарар, буолбуту ырытар ахсынньы…
Өрөспүүбүлүкэҕэ биир саамай кэрэ кэргэннии паараларынан Айталина уонна Вячеслав Лаверновтар буолаллар. Томпо уонна Амма Кэрэ…
Өбүгэлэрбит хайдах күн-дьыл буолуон эндэппэккэ билэллэрэ. Айылҕа араас көстүүтүн, оту-маһы, кыылы-сүөлү кэтээн көрөллөрүн туһунан элбэхтэ…
Атамайга элбэх хайысхалаах кииҥҥэ сэргэх тэрээһин буолла. Тэрээһин бастакы чааһыгар Атамай нэһилиэгин түөлбэлэригэр бастыҥнары чиэстиир…