Салгыы
Горнайга Дьокуускай-Кировскай суол аспаалын ууруута түмүктэннэ

Горнайга Дьокуускай-Кировскай суол аспаалын ууруута түмүктэннэ

Ааптар:
31.08.2024, 18:15
Хаартыска- «Үлэ күүһэ» ТГ-ханаала
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 30 күнүгэр Горнай улууһугар Дьокуускай-Кировскай суолун аспаалын үлэтэ  түмүктэннэ.

Ол курдук, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускай — Кировскай икки ардыларыынаҕы айан суола өрөмүөннэнэн, саҥа аспаал бүрүөһүннэннэ. Үлэни «Мэҥэ массыына магистрала» тэрилтэтэ ыйыллыбыт кэмин иннинэ бүтэрдэ диэн «Үлэ күүһэ» ТГ-ханаала иһитиннэрэ.

Дьокуускай-Кировскай суолун аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ «Бүлүү» ФС управлениетын салайааччыта Николай Андреев, «Мэҥэ айан суола» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Артуш Шагинян ыытыллыбыт үлэни билиһиннэрдилэр, улуус олохтоохторугар эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Үлэни ыыппыт дьоҥҥо махталларын биллэрдилэр. Артуш Шагинян суол тутуутугар түргэн үлэни ыыппыттарын эрэ буолбакка, хаачыстыбатаҕа сүрүн болҕомтону уурбуттарын мэктиэлээтэ.

Тустаах тэрилтэ, салалта үөрүүлээх быһыыга-майгыга айан суола арыллыбытын бигэргэтэн, үгэс быһыытынан аалай лиэнтэни быһан, анал бэлиэни эргиттилэр.

Вячеслав Алексеев, «Үлэ күүһэ» ТГ-ханаал

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -2°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 93% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: