Атырдьах ыйын 30 күнүгэр Горнай улууһугар Дьокуускай-Кировскай суолун аспаалын үлэтэ түмүктэннэ.
Ол курдук, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускай — Кировскай икки ардыларыынаҕы айан суола өрөмүөннэнэн, саҥа аспаал бүрүөһүннэннэ. Үлэни «Мэҥэ массыына магистрала» тэрилтэтэ ыйыллыбыт кэмин иннинэ бүтэрдэ диэн «Үлэ күүһэ» ТГ-ханаала иһитиннэрэ.
Дьокуускай-Кировскай суолун аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ «Бүлүү» ФС управлениетын салайааччыта Николай Андреев, «Мэҥэ айан суола» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Артуш Шагинян ыытыллыбыт үлэни билиһиннэрдилэр, улуус олохтоохторугар эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Үлэни ыыппыт дьоҥҥо махталларын биллэрдилэр. Артуш Шагинян суол тутуутугар түргэн үлэни ыыппыттарын эрэ буолбакка, хаачыстыбатаҕа сүрүн болҕомтону уурбуттарын мэктиэлээтэ.
Тустаах тэрилтэ, салалта үөрүүлээх быһыыга-майгыга айан суола арыллыбытын бигэргэтэн, үгэс быһыытынан аалай лиэнтэни быһан, анал бэлиэни эргиттилэр.
Вячеслав Алексеев, «Үлэ күүһэ» ТГ-ханаал
Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ. 70-80 саастарын туолбут…
Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…
Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…
Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…
Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр 1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…
Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…