Горнайга кымыс өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэ ыытылынна
Бу дьыл бэс ыйын 17 күнүгэр Горнай улууһугар Бэрдьигэстээх бөһүөлэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кымыс күрэҕэ буолан ааста. Улуустааҕы ыһыахха кымыс күрэҕэр өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан биэс кыттааччы кэлэн кытынна: Хаҥалас, Нам, Горнай уонна Ньурба улууһуттан.
Быйыл Саха өрөспүүбүлүкэтэ «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтэ «Мэҥэдьэк» кымыһынан бастакытын күрэххэ кытынна. Степан Васильев аатынан «Мэҥэдьэк» отделениета 2022 сыллаахха биһиги тэрилтэбитигэр киирбитэ.
Мэҥэдьэк сылгыта төрөөбүт-ууһаабыт, тэнийбит сирэ – Ньурба улууһа. Мэҥэдьэк сылгытын үөскэппит хаһаайыстыба – Степан Васильев аатынан аатырбыт улахан сопхуос, кэлин сылгы собуота буолбута. 1963 сыллаахха Маалыкай бөһүөлэгэр сылгы иитиитин племенной ыстаансыйата тэриллибитэ. Ити сыл күһүнүгэр Степан Васильев аатынан холкуос үс учаастагар аан бастаан бонитировка ыытыллан, Мэҥэдьэк сылгы племенной хаачыстыбата быһаарыллыбыта. Сопхуос дириэктэрдэрэ Николай Иванович Прокопьев, Иван Васильевич Евсеев уонна Степан Васильев аатынан сылгы собуотун дириэктэрэ Нестер Климович Антонов чахчы да, чулуу салайааччылар этэ диэн күн бүгүҥҥэ диэри биир дойдулаахтара ахталлар, кинилэри холобур оҥостоллор.
2011 сыллаахха уһун сыллаах селекционнай үлэ түмүгэр саҥа сылгы боруодата — Мэҥэдьэк боруода бигэргэтиллибитэ. Бу учуонайдар, зоотехниктар, салайааччылар уонна сылгыһыттар үлэлэрин түмүгэ. Малдьаҕар, Маалыкай уонна Хатыы бөһүөлэктэригэр бу сылгылар иитиллэн тураллар. Күн бүгүн Степан Васильев аатынан Мэҥэдьэк отделениеҕа, бу үс нэһилиэккэ, барыта 4 звеноҕа — 321 төбө кыстаата. Уопсайа 12 үлэһиттээх. Төрүөх – 45%.
Нестер Климович Антонов салайыытынан, 1992 сыллаахтан биэни ыан саҕалаабыттара. Онтон ыла 31 сыл устата, биир да сыл тохтообокко, Мондоку звенота биир ый устата биэлэри ыыр. Бу сыллар тухары бүтүн оройуону, Ньурба улууһун Ыһыахха кымыһынан хааччыйан кэллэ. Биир да сыл тохтообокко, Ньурбалар Мэҥэдьэк биэтин үүтүттэн оҥоһуллубут кымыһы иһэн кэллилэр. «Мондоку» звено старшайа, уопуттаах сылгыһыт, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Александр Николаев салайыытынан биэ ыыллар. Кини уҥа илиитинэн отделение управляющайын солбуйааччыта, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, сылгы куттаах Степан Хахыров буолар. Кинилэргэ үлэ чааһа сарсыарда 4 чаастан саҕаланар. Кулунчуктарын арааран ыамҥа бэлэмнииллэр. Онтон хааччахха хаайан баран биэлэри аһата ыыталлар. Икки чаас курдук биэлэр киһи хараҕыттан сүтэн хаалаллар. Онтон үһүс чааска кэлэллэр. Биэ 8с чаас буола-буола ыанньыйар. Уонна олус оҕомсох, оҕото суох ханна да барбат. Киэһэ бүтэһик ыам кэннэ оҕолорун кытта далга бииргэ хаайаллар. «Мондоку» звено биэни иэттэрэн баран ыыр. Билигин 10 эдэр биэни ыы сылдьаллар. Күҥҥэ 40 лиитирэ үүтү ыыллар.
Манна диэн эттэххэ, Мэҥэдьэк биэтэ 1992 сылтан биир да сыл тохтообокко ыана сылдьар. Онон ыанньык сылгы бэйэтиттэн оҕото тахсан иһэр. Уонна Мэҥэдьэк биэлэрэ ыанылла үөрэммит буолан, хаһан баҕарар, туттулар да ыахтарын сөп.
Дьэ, онтон быйыл Степан Васильев аатынан «Мэҥэдьэк» отделениета кымыһынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кымыс күрэҕин кыттыыны ылла. Горнай улууһугар ыытыллыбыт кымысчыттар күрэхтэригэр иккис миэстэ буолла. Дьүүллүүр сүбэ «Мэҥэдьэк» кымыһын үрдүктүк сыаналаата. Дьиҥ, чахчы биэ үүтүттэн оҥоһуллубутун, үрдүк хаачыстыбатын дегустация кэмигэр амсайбыт дьон бэлиэтээтэ.
Биэ ыаһына, чахчы, сүрдээх сыралаах, уустук үлэ. Судаарыстыба өттүттэн маныаха өйөбүл көрүллүбэт, ол иһин үлэттэн толлубат, дьөһөгөй оҕотун ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр уонна сылгы иитиитигэр бэриниилээх эрэ киһи дьарыктанар. Онон да өрөспүүбүлүкэҕэ биэ ыаһын киэҥник тэнийэ, тарҕана илик.
Түгэнинэн туһанан, Степан Васильев аатынан Мэҥэдьэк отделение сылгыһыттарыгар, кэлэктиибигэр уонна чуолаан биэ ыаччыларга Александр Николаевка, Степан Хахыровка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Кинилэр курдук дьон баар буолан Мэҥэдьэк кымыһа 30-тан тахса сыл устата сүппэккэ-симэлийбэккэ кэллэ.
Быйыл Дьокуускай куоракка «Туймаада ыһыаҕар», бэс ыйын 24 күнүгэр эрэ атыыга тахсыаҕа. Уохтаах Мэҥэдьэк кымыһын амсайыаххытын баҕарар буоллаххытына, «Кымыс кырдала» диэн кымысчыттар түһүлгэлэриттэн кэлэн атыылаһыаххытын сөп.
Егор Маппаров.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: