Горнайга, Намҥа, Жатайга «Дьиэ кэргэнинэн улахан өрөбүллэр» буолуохтара
Жатай
«Дьиэ кэргэнинэн улахан өрөбүллэр» тэрээһин Жатайга атырдьах ыйын 31 күнүгэр киин болуоссакка ыытыллыаҕа. Манна дьиэ кэргэнинэн тимбилдинг «Вместе веселее» уонна «ДВИЖ ФЕСТ» буолуоҕа. Ону кытта болуоссакка ыалдьыттары «Мокрый нос» дьиэ кыылларын куонкурус-быыстапката күүтэр. Быыстапка-куонкуруска дьиэ кыылларын муодунай таҥастара, ону сэргэ араас хамаандалары толорорго дьоҕурдарын көрдөрүөхтэрэ. Тэрээһин күнүс 12.00 ч. саҕаланар.
Горнай улууһа
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр «Чыпчаал» стадиоҥҥа Билии аналлаах үөрүүлээх тэрээһиннэр (11.00 ч.), улуустааҕы «ГТО всей семьей» (15.00 ч.) уонна «Пропаганда» поп-бөлөх улахан кэнсиэрэ (18.00 ч.) тэриллиэхтэрэ.
14.00 ч. «Старый Бердигестях» историческай кыбартаалга «Бизнес вместе» диэн урбаанньыт дьиэ кэргэттэр параадтара, «Ягодный рай» быыстапка, эдэр худуоһунньук Сардаана Петрова «Мин дууһам кырааската» быыстапката, «Игрушки из прошлого» быыстапката ыытыллыахтара. Дьаһаллар «No name» бөлөх тыыннаах муусукатын доҕуһуоллаах буолуоҕа.
Күнүс 15.00 чаастан «Маатта кэрэ кытыла» диэн уруһуйга плэнеригэр ыалдьыттар тыа сирин кэрэ көстүүлэрин уруһуйдуур кыахтаныахтара.
Киэһэ 16.00 чаастан Бэрдьигэстээххэ «Бэрдьигэстээх кырдала» экскурсия ыытыллыаҕа.
Нам улууһа
Намҥа «Дьиэ кэргэнинэн улахан өрөбүллэр» атырдьах ыйын 31 күнүгэр тэриллиэхтэрэ. Нам сэлиэнньэтигэр «Эҥсиэли» стадиоҥҥа сарсыарда 11.00 ч. дьиэ кэргэнинэн сүүрүү саҕаланар, онтон 12.00 ч. көхтөөх ыаллар уонна үбүлүөйдээхтэр наҕараадаланыахтара. Күнүс 13.00 ч. олохтоохтору уонна ыалдьыттары күһүҥҥү дьаарбаҥка, куруһуоктар күүтэллэр. Ону тэҥэ бу кэмҥэ араас маастар- кылаастар ыытыллыахтара. Ол кэннэ 14.00 ч. улахан кэнсиэр буолара күүтүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: