Горнайга, Намҥа, Жатайга «Дьиэ кэргэнинэн улахан өрөбүллэр» буолуохтара

Share
Саха сиригэр Билии күнүн  көрсө, кэлэр өрөбүллэргэ, Горнай, Нам улуустарыгар уонна Жатайга «Дьиэ кэргэнинэн улахан өрөбүллэр» тэрээһиннэр ытыллыахтара.

Жатай

«Дьиэ кэргэнинэн улахан өрөбүллэр» тэрээһин Жатайга атырдьах ыйын 31 күнүгэр киин болуоссакка ыытыллыаҕа. Манна дьиэ кэргэнинэн тимбилдинг «Вместе веселее» уонна «ДВИЖ ФЕСТ» буолуоҕа. Ону кытта болуоссакка ыалдьыттары «Мокрый нос» дьиэ кыылларын куонкурус-быыстапката күүтэр. Быыстапка-куонкуруска дьиэ кыылларын муодунай таҥастара, ону сэргэ араас хамаандалары толорорго дьоҕурдарын көрдөрүөхтэрэ. Тэрээһин күнүс 12.00 ч. саҕаланар.

Горнай улууһа

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр «Чыпчаал» стадиоҥҥа Билии аналлаах үөрүүлээх тэрээһиннэр (11.00 ч.), улуустааҕы «ГТО всей семьей» (15.00 ч.) уонна «Пропаганда» поп-бөлөх улахан кэнсиэрэ  (18.00 ч.) тэриллиэхтэрэ.

14.00 ч. «Старый Бердигестях» историческай кыбартаалга «Бизнес вместе» диэн урбаанньыт  дьиэ кэргэттэр параадтара, «Ягодный рай» быыстапка, эдэр худуоһунньук Сардаана Петрова «Мин дууһам кырааската» быыстапката, «Игрушки из прошлого» быыстапката ыытыллыахтара. Дьаһаллар «No name»  бөлөх тыыннаах муусукатын доҕуһуоллаах буолуоҕа.

Күнүс 15.00 чаастан «Маатта кэрэ кытыла» диэн уруһуйга плэнеригэр ыалдьыттар тыа сирин кэрэ көстүүлэрин уруһуйдуур кыахтаныахтара.

Киэһэ  16.00 чаастан Бэрдьигэстээххэ «Бэрдьигэстээх кырдала» экскурсия ыытыллыаҕа.

Нам улууһа

Намҥа «Дьиэ кэргэнинэн улахан өрөбүллэр» атырдьах ыйын 31 күнүгэр тэриллиэхтэрэ. Нам сэлиэнньэтигэр «Эҥсиэли» стадиоҥҥа сарсыарда 11.00 ч. дьиэ кэргэнинэн сүүрүү саҕаланар, онтон 12.00 ч. көхтөөх ыаллар уонна үбүлүөйдээхтэр наҕараадаланыахтара. Күнүс 13.00 ч. олохтоохтору уонна ыалдьыттары күһүҥҥү дьаарбаҥка, куруһуоктар күүтэллэр. Ону тэҥэ бу кэмҥэ араас маастар- кылаастар ыытыллыахтара. Ол кэннэ 14.00 ч. улахан кэнсиэр буолара күүтүллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

15 минут ago
  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

30 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Дьокуускайга вандаллар биир күн иһигэр үс тохтобулу алдьаттылар

Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Омук бородууксуйатын бэйэ киэнигэр уларытыыттан – олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ

АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago