Горнайга пилота суох көтөр аппараат баһыылка тиэртэ

Горнайга пилота суох көтөр аппараат баһыылка тиэртэ

Ааптар:
08.10.2024, 19:11
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Бүгүн гражданскай авиация күнүгэр, пилота суох көтөр аппараат иккитэ көттө. Горнай улууһугар нэһилиэнньэлээх пууннарга киин балыыһаттан эмтэр уонна почта тиэрдилиннилэр.

БПЛА Бэрдьигэстээхтэн Кэптиҥҥэ диэри, уопсайа 180 км сиргэ, көттө. Ыраах нэһилиэк дьоно баһыылканы тутаннар үөрүүлэрэ муҥура суох.

«Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тырааныспар табыгастаах, кыаллымтыа буолуутун сайыннарыы боппуруоһа олус наадалаах, тирээн турар суолталаах. Манна даҕатан эттэххэ, халаан кэмигэр нэһилиэнньэлээх пууннарга сиринэн таһаҕаһы тиэрдии уустук уонна кыаллыбат даҕаны. Онон БПЛА көмөтүнэн туһаныы биһиэхэ наада. Бу тырааныспар ситимин тупсарар, табаар сыаната намтыырыгар көмөлөһөр,  мал-сал тиэрдиллиитэ тэтимирэр, түргэн буолар. Биһиги ыраах нэһилиэнньэлээх пууннарга эми-тому, почтаны уонна да атын кыра малы-салы тиэрдэри былаанныыбыт. Бу барыта нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга көмөлөһүөҕэ», — диир СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов. 

Кини инникитин улуустарга маннык сибээһи олохтуур сорук турарын бэлиэтиир. Онуоха маршруттары толкуйдуохха наада буолар. Ону сэргэ, эрэгийиэҥҥэ күн-дьыл туругун, килиимэти уонна улуустар икки ардыларын, географияны учуоттуур ирдэнэр.

Бэрдьигэстээхтэн Кэптиҥҥэ диэри суолунан 180 км, сиринэн 6-9 чаас айанныыгын. Оттон БПЛА 1,5 чааһынан тиийэр. Бу эспэримиэн улууска балтараа ый устатыгар ыытыллыаҕа. VTOL БПЛА — пилота суох көтөр аппараат 1000 м. үрдүгүнэн көтөр, көтүү уһуна 200 км.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
9
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: