Горнайга суол быһылааныгар пассажир эчэйбит
Ахсынньы 6 күнүгэр Дьиикимдэ сэлиэнньэтигэр суол быһылаана тахсыбытын уонна пассажир эмсэҕэлээбитин туһунан иһитиннэрии киирбит.
Бу туһунан Горнайдааҕы Госавтоинспекция отделениетын пресс-сулууспата суруйар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн Госавтоинспекция үлэһиттэрэ быһаарбыттарынан, 1991 с.т. суоппар «УАЗ 31512» мааркалаах нүөмэрэ суох массыынанан уу ылар скважинатыттан Дьиикимдэ сэлиэнньэтигэр айааннаан иһэн, суолтан туораабыт уонна түҥнэстибит.
Саахал түмүгэр «УАЗ 31512» массыына пассажира ыарахан истиэпэннээх эчэйиилэри ылбыт: алларааҥы уонна үөһээҥи сыҥааҕын уҥуоҕун тоһуппут, төбөтүн уҥуоҕун эчэппит.
Суоппар эмсэҕэлээбэтэх, кэнники сылларга суол быраабылатын кэһиилэринэн административнай эппиэтинэскэ 13 төгүл тардыллыбыт, олортон 7 төгүл түргэн тэтимнээхик сылдьан тутуллулубут. Саахал түмүгүнэн бэрэбиэркэ ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: