Горнайга суол саахалыгар икки эмсэҕэлээбиттэр туруктара ыарахан
12.08.2024, 09:30
Хаартыска: Госавтоинспекция пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Горнай улууһугар атырдьах ыйын 10 күнүгэр икки массыына харсыспытын түмүгэр аҕыс киһи эмсэҕэлээбитэ. Билигин балартан икки киһи туруктара ыарахан диэн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.
Ол курдук, саахал түмүгэр сэттэ киһини суһал көмө сулууспата киин оройуоннааҕы балыыһаҕа киллэрбитэ. Билигин икки киһи туруктара ыарахан диэн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр биллэрдилэр.
«Билигин икки киһи ыарахан туруктаах сыталлар. Биир киһини саахал миэстэтиттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №- дээх балыыһаҕа эвакуациялаабыттара. Үс эмсэҕэлээбиттэргэ киин балыыһаҕа эппэрээссийэ оҥоһуллубута. Биэс эмсэҕэлээбиттэр орто эчэйиини ылбыттара быһаарылынна. Биир киһи балыыһаҕа киирэртэн аккаастанна. Сотору кэминэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №- дээх балыыһаҕа икки эмсэҕэлээбит киһини эвакуациялааһын былааннанар. Быраастар туһааннаах көмөнү оҥорорго туох кыаллары барытын оҥороллор», — диэн министиэристибэҕэ чуолкайдаатылар.
Санатан эттэххэ, Горнай хайысхатынан трассаҕа «Тойота- Ипсум» уонна УАЗ «Фермер» массыыналар харсыспыттара. 1997 с.т. дьахтар суоппар «Тойота- Ипсум» массыынанан сапыраапкаттан тахсан иһэн 1998 с.т. суоппардаах УАЗ «Фермер» массыынаны аһардыбатах. Ол түмүгэр харсыһыы тахсыбыт.
+1
+1
+1
+1
+1
2
+1
2
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: