Горнайга түөрт киһи суол быһылааныгар эмсэҕэлээтэ

Share

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 5 түбэлтэтэ тахсыбыта бэлитэннэ, бу дьыалаларынан бэрэбиэркэ ыытылынна уонна холуобунай дьыалалар өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын хонтуруолугар ылылыннылар диэн СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.

Түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн Горнай улууһун олохтооҕо эмсэҕэлээтэ. Түөкүн «суотабай сибээс операторабын» диэн төлөпүөннээн 3 мөл. солк. уорбут.

Дьокуускай куоракка наркотигы сокуоннайа суох эргиниини тохтоттулар. Итирик туруктаах сылдьан иккистээн массыына уруулугар олорбут киһини туттулар.

Нолуокка иэһин төлүөн баҕарбакка, 18 мөлүйүөн солкуобай үбүн-харчытын кистии сылдьыбыт киһиэхэ холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Амма улуһугар массыынаны бэрэбиэркэлээһин кэмигэр саһархай өҥнөөх тимир кутуллубут бааҥката былдьанна, бэрэбиэркэ ыытыллар.

Дьокуускай куоракка 1975 с.т. эр киһи балыыһаҕа киирдэ, кини дьиэ иккис этээһин тута сылдьан сууллубут.

Өлүөхүмэ улууһугар сатыы баран иһэр киһини массыына түҥнэри көппүт, эмсэҕэлээччи балыыһаҕа киирбит.

Горнай улууһугар суол-тырааныспар саахалыгар 4 киһи эмсэҕэлээтэ, массыына утары суолга тахсыбыт.

Суол-тырааныспар быһылааннара өссө Мэҥэ Хаҥалас уонна Ньурба улуустарыгар тахсыбыттара, онно суоппардар эт-сиин эчэйиилэрин ылбыттара бэлиэтэннэ.

Суукка иһигэр киһи өлүүлээх суол быһылаана тахсыбата. Үс суоппар итирик туруктаах массыына ыыта сылдьан тутулуннулар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чурапчыга көрдүүр-быыһыыр этэрээт саҥа дьиэтэ аһылынна

Бэҕэһээ Чурапчы улууһугар көрдүүр-быыһыыр этэрээт саҥа дьиэтэ улуус салалтатын быһаччы хонтуруолунан, түөрт ый иһигэр тутуллан…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһугар чөл олоҕу тарҕатыы өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорума буолан ааста

Бэҕэһээ, сэтинньи 29 күнүгэр, Нам улууһугар М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар «Территория…

58 минут ago
  • Сонуннар

«Родники.Дети» музыкальнай куонкурус ахсынньы 1 күнүгэр диэри сайаапкалары ылар

«Родники.Дети» музыкальнай куонкуруска сайаапкалары биэрии сарсын түмүктэнэр. Сайаапкалары ылыы сэтинньи 1 күнүгэр диэри: родники.дети сайт нөҥүө…

58 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

Бүлүү дэлэгээссийэтэ гуманитарнай көмөнү илдьэ тиийдэ

Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөнү тиһигин быспакка ыыталар. [gallery ids="171664,171662"] Бэҕэһээ Бүлүү улууһун баһылыга…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев: «Бэрэсидьиэн биир кэлим субсидиятын үбүнэн Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка 2 тыһыынчаттан тахса социальнай эбийиэк тутулунна»

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сунтаарга Олоҥхо балаҕана аһылынна

Сунтаар -- Олоҥхо дойдутугар аны Олоҥхо балаҕана аһылынна. Наталья, Эдуард Эконовтар дьиэ кэргэттэрэ бу сайын…

2 часа ago