Горнайга удьурҕай уонна туризм ыкса сибээстээхтэр (ВИДЕО)
Омос иһиттэххэ, удьурхай уонна туризм туох да сибээстэрэ суох курдук. Ол эрээри Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин олохтоохтооҕо Валерий Дьячковскай-Сиэн Харах удьурхайтан оҥорон таһаарар оҥоһуктара кэнэҕэс туризм сайдыытыгар оройуону олус улаханнык аатырдыыһы.
Айар куттаах Валерий Дьячковскай — Сиэн Харах Олоҥхо тиэмэтин тэҥэ, баҕа санааны толорууга, оҕо кутун тардыыга, ыал буолууга, баайы-дуолу тардыыга удьур5айтан анал оҥоһуктары оҥороруттан итинник санаа киирдэ.
Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Ксения Васильева айылҕаны кытта ситимнээх үлэлээх Валерий Дьячковскай туһунан сиһилии маннык билиһиннэрдэ:
Валерий Моисеевич бэйэтэ бэлиэтииринэн, «үрүҥ үлэһит» буола сылдьыбыт — улуус салайааччыларын тиэйэр суоппар эбит. Алтыс баһылыгы тиэйэн баран, бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыт. Тута таптыыр дьарыгар ылларбыт — тыраахтар ойуур баһаарын бохсор соруктаах сир кырсын алдьатан солуур сиригэр тиийэн үлэлиир тэрилин көрдүүр эбит. Дьэ, онтон кини силис, мутук, удьурхай «ийэтин-аҕатын» булан аҕалан, утаппыттыы дьаныһан туран оҥорор. Бу туһунан улуус народнай маастара, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Валерий Дьячковскай үлэтин маннык билиһиннэрдэ:
Валерий Моисеевич эдэр эрдэҕиттэн сиргэ сылдьан айылҕалыын алтыһан, мутугу, удьурхайы көрөн көрүү туохха эрэ майгыннатар идэлээх эбит. Бу туһунан сэһэргэһээччим маннык кэпсиир.
Валерий Дьячковскай удьурхайтан «оҥоһугун балаһыанньаҕа суоххун…» диэн, Олоҥхо ыһыахтарын айар куонкурустарыгар кытыннарбаттар эбит. Онон бу тухары бэйэлэрин харчыларыгар кыттыбыттарын туһунан сэртэпикээт эрэ ылан кэлэллэрэ. Быйыл саас Өймөкөөҥҥө Олоҥхо Ыһыаҕар анаммыт научнай-практическкай кэмпириэнсийэҕэ тиийэн, Валерий Дьячковскай-Сиэн Хара үлэтин тиэмэтигэр дакылаат ааҕан кэлбит. Арай дойдуларыгар кэлээттэрин кытта, Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар удьурхайтан оҥоһукка куонкурус балаһыанньатын ыыппыттар. «Онон Өймөкөөн сирэ айар сэттэ сыллаах айар кыахпытын көрдөрөрбүтүгэр күөх уоту уматта» диэн Дьячковскайдар аны Өймөкөөн ыһыаҕар оҥоһуктарын илдьэ «көһөн» бараары тэринэллэр да, кэккэ төрүөт элбэх оҥоһугу илдьэргэ уустуктары үөскэтэр эбит. Бу туһунан Валерий Моисеевич кэргэнэ Антонина Николаевна маннык кэпсиир:
Дьячковскайдар айар суолларын эмиэ тобуллулар. Учуонай Василий Тагров Валерий Моисеевич айар үлэтин хайысхатын «корнепластика» диэн ыйан биэрбит.
Бу курдук, дириҥ ис хоһоонноох үлэлээхтэр сэттэ сыл устата Горнайга туризм сайдыытыгар биир дьоһун миэстэни ылан, улуустааҕы туристическай маршрут реестрыгар киирэн, туристары кытта үлэлэһэргэ бэлэм Дьячковскайдар.
Горнай улууһугар туризм сайдыытын туһунан анал матырыйаалы «Саха сирэ» хаһыат сарсыҥҥы чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.
Салгыы галереяҕа Валерий Дьячковскай-Сиэн Харах үлэлэрин кытта билсиэҕиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: