Горнайга урбаанньыттар пуорумнара буолла

Share

Бэҕэһээ, бэс ыйын 2 күнүгэр, Горнай улууһугар «Үлэнэн — үрдэлгэ» урбаанньыттар пуорумнара буолан ааста.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, суолталаах тэрээһиҥҥэ Алдантан, Бүлүүттэн, Эдьигээнтэн, Хаҥаластан, Мэҥэ  Хаҥаластан, Намтан, Уус Алдантан, Чурапчыттан, Дьокуускайтан – барыта 200-чэкэ ыалдьыт  кыттыыны ылла.

Күн устата урбаанньыттар, бэйэ дьыаланы арыныан баҕалаахтар  араас дьыалабыай былаһааккаларга кыттыыны ыллылар, анал маастар кылаастардарга сылдьан, урбаан эйгэтигэр бэйэлэрин билиилэрин хаҥаттылар.

Тэрээһиҥҥэ урбаан уонна туризм миниистирэ Тимур Ханды, Москваттан «Region PR» туризм бырабылыанньатын салайааччыта, событийнай туризм национальнай ассоциациятын салайар, “Russian Event Awards” национальнай бириэмийэни төрүттээбит Геннадий Шаталов кыттыыны ыллылар.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, оскуола оҕолоро бу тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Хатастааҕы агро-оскуола бэрэстэбиитэллэрэ оскуола үөрэнээччилэрэ олоххо киллэрбит бырайыактарын аҕалан билиһиннэрдилэр.

Бэрдьигэстээх IT-киинигэр хаартысканан түһэриигэ фотограф Туяра Андреева маастар-кылаас ыытта.

Дьокуускайтан аатырбыт асчыт, “Атласовтар уһаайбалара” этнокомплекс шеф- асчыта Николай Атласов олохтоох Горнай аһыттан тугу астыахха сөбүн туһунан маастар-кылааһы ыытта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

7 часов ago