Гороскоп: ахсынньы 1-8 күннэрэ
Хой
Саҥа дьыл чугаһыыр. Онон үүнэр сылы хайдах көрсөр туһунан сыта-олоро толкуйдаа. Уһун өрөбүллэргэ муораҕа да барыаххын син эбит. Хата, үпкүн-харчыгын мус.
Оҕус
Биисинэстээх оҕустарга табыллыылаах нэдиэлэ. Ылсыы-бэрсии сатаныаҕа. Саҥа билсибит киһигин кытта биир тылы була сатаа. Ол да буоллар, кыра күчүмэҕэйдэр көстөллөр.
Игирэлэр
Көһүлүөгүҥ «чарааһаабыт». Онон сыл бүтүөр диэри былааннан. Түбэһиэх харчыны туттуу ороскуоттаах буолуоҕа. Бырааһынньык эрэ дии-дии ыстаҥалаама.
Араак
Ыраахтан үтүө-сурах садьык кэлииһи. Санаарҕаабыт бэйэҥ улаханнык чэпчиэҕиҥ. Барыта этэҥҥэ буолсу. Түһүнэн кэбис.
Хахай
Доҕор хайдаҕа биллэр күнэ-дьыла үүммүт. Киһиэхэ ис сүрэҕиттэн көмөлөһөр киһи сороҕор аҕыйах буолааччы. Онон бэйэҥ кыаххар эрэн.
Кыыс
Халыҥнык таҥна-симэнэ сырыт. Тумуу тумуннун. Этэҥҥэ сырыттахха, күн-дьыл биллибэккэ ааһар дииллэр. Онон хас чыыһыла буолбутун билээри халандаарга хараххын хатаама.
Ыйааһын
Сынньалаҥҥын туһалаахтык атаар. Үчүгэй кинигэни булан аахтаххына, дууһалыын сынньаныаҥ. Үчүгэйдик сынньанар киһи үлэни эмиэ кыайар. Ону умнума.
Скорпион
Бу нэдиэлэ эйиэхэ үтүөнү эрэ түстээтин. Санаабытыҥ барыта табылыннын. Күннээҕинэн эрэ олорума. Кэлэр сыллааҕы былааҥҥын торумнаа.
Охчут
Сып-сап, түргэн туттунуулаах киһи үгүһү ситиһэр. Онон кыайа илик дьыалаҕар оройгунан түс. Кыайыы да кэлиэҕэ.
Чубуку
Үп-харчы киириитэ үчүгэй. Бириэмийэ ылыаххын сөп. Биир эмэ кыаммат-түгэммэт киһиэхэ көмөлөс. Киһи махтала туохтааҕар да күүстээх.
Күрүлгэн
Соһуччу ыраахтан аймахтарыҥ кэлииһилэр. Онон сэргэх киэһэлэр ааһыахтара. Ааспыты ахтыһар бэрт бөҕө буоллаҕа.
Балыктар
Оҕолоруҥ ситиһиилэриттэн кынаттаныаҥ. Ол күүскэр күүһү эбиэҕэ. Үлэлиир, айар-тутар баҕа санааланыаҥ. Кытаат!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: