Гороскуоп: кулун тутар 2 – кулун тутар 9 күннэрэ

Share

Хой

Уустук балаһыанньаҕа бэйэҕин сатаан туттунар үтүө дьоҕургун сайыннардаххына, чугас дьоҥҥор сыһыаҥҥын арыый сымнаттаххына, олоххо көрүүҥ уларыйыан сөп. Барыта хара су­­рааһын буолбатаҕын өйдүөҕүҥ.

Оҕус

Бэйэҕиттэн балыс саастаах киһи биисинэс эйгэтигэр этии киллэриэн сөп. Кини ситиһиилээх, киириилээх-тахсыылаах. Ис санааҕын иһит. Чугас дьонуҥ сүбэлэрэ маныаха көмө буолуоҕа.

Игирэлэр

Айар дьоҕуруҥ арыллар кэмэ. Тугу эмит суруйуоххун, айыаххын эбэтэр уруһуйдуоххун сөп. Эйигин тулалыыр дьон наһаа талааннаах киһи быһыытынан ылынар. Дьон убаастабылын ылар кэмиҥ.

Араак

Үп-харчы дьыалатыгар табыллар кэмиҥ. Дьыалабыай кэпсэтии ситиһиилээх буолуоҕа. Сир эбэтэр сиргэ сыһыаннаах дьыалаҕа болҕомтолоох  буоларыҥ наада.

Хахай

Оҕолоруҥ үөрдэллэр. Чугас киһи өйүүр, өйдүүр. Онтон ордук бу олоххо туох даҕаны наадата да суох. Кэллиэгэлэргин кытта сыһыаныҥ эриэ-дэхси. Былааннаргын сааһыланаргар тоҕоостоох кэм.

Кыыс

Дьиэ кэргэҥҥэр өйдөспөт быһыы-майгы тахсыан сөп. Эн куруук бэйэҕин буруйдана саныыр эбиккин. Бэйэҕин сыаналаммаккыттан арыт ардыгар мунчаараҕын. Талааҥҥын таба туһаннаххына, үбү-харчыны киллэрэр кыахтааххын.

Ыйааһын

Доҕотторгун көрсөҥҥүн сэргэхсийиэххин, көччүйүөххүн саныыгын. Бу уустук кэмҥэ үпкүн-харчыгын харыстаан тутун. Иэскэ киирэ сатаама. Доруобуйаҕын бөҕөргөтүнүөххүн наада.

Скорпион 

Наһаа соҕотохсуйбуккун. Ким да эйигин өйдөөбөт курдук. Бэйэҥ майгыгын арыый уҕарытан, ииттинэн, дьоҥҥо табатык сыһыаннас. Аһыы утаҕынан үлүһүйүмэ.

Охчут

Өр сыллаах былааныҥ туо­луон сөп. Бэйэҥ кэмҥэр эн да барытын тулуйдуҥ. Онон харса суоххун киллэрэн олоххун саҥалыы хараххынан көрөн сайдарга дьулус.

Чубуку

Дьону кытта сыһыаннаһыыга киэҥ көҕүстээх буолуоххун наада. Харчыгынан мээнэ ыһыахтаныма. Арай кыаммат-түгэммэт аймахтарыҥ көрдөстөхтөрүнэ, көмөлөһөртөн ак­­каастаныма. Кэлин уон оччонон эргиллиэҕэ.

Күрүлгэн

Саҥа киинэ эбэтэр кинигэ ааҕан дуоһуйуоҥ. Бэйэҕин сайыннарар кэмиҥ. Бу бүгэр чуумпу кэмҥэ дьиэ кэргэҥҥин кытта бииргэ буоларыҥ наада. Саҥа аймахтар кэлиэхтэрин сөп.

Балыктар

Кэтэх санаалаах сылдьаргыттан эн да сылайбыккын. Олоҕу судургутук ылын. Таптыыр киһиҥ аттыгар, оҕолоруҥ этэҥҥэ буоллахтарына, ол дьол. Оттон соҕотох балыктарга дьоллоох түгэн тосхойуо. Урут сэҥээрэ сылдьыбыт киһиҥ болҕомто ууруоҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Үлүйбэт туһугар…

Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ороһуоспа түүнүгэр кэлэр сайыны билгэлииллэр

Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Быйыл «Почему мамонты вымерли» саҥа киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыа

Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир  артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээннээҕи квартальнай хочуолунай биир хочуолун үлэлэттилэр

Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…

12 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка уот ситимэ быстыбытын оҥордулар

Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар. Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка …

12 часов ago