Гороскуоп: сэтинньи 3-10 күннэрэ

Share

Хой

Нэдиэлэ саҥата уустук буолсу. Дьону кытта сыһыаҥҥа болҕомто ууруоххун наада. Ким истиҥ доҕор, ким кистэлэҥ өстөөх буоларын билиэххин сөп. Инникини са­­наан тураҥҥын эппиэтинэстээх хардыыны оҥорортон саарбахтаама.

Оҕус

Буола турар быһыыга-майгыга холкутук сыһыаннас. Ол эрээри, аахайа санаабатах дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэргэ кыһан. Тус олоҕуҥ боппуруостара олох хаамыытынан быһаарыллан иһиэхтэрэ.

Игирэлэр

Нэдиэлэ саҕаланыыта үгүс дьа­йыыны, хамсаныыны ирдиир. Бииртэн биир кыһалҕа тахсан иһиэ. Ол эрээри, бу сүүрбүт-көппүт сыраҥ махталлаах буолуоҕа. Тус биисинэстээх буоллаххына, дьоҥҥо эрэнимэ.

Араак

Уустук кэм үүммүт. Үлэҕэр уларыйыы, кыра иирсээн да тахсыан сөп. Сынньалаҥтан ак­­каастаныма. Санаторийга сынньанар, эмтэнэр туһалаах буолуоҕа.

Хахай

Ис кыаххын туһанар кэмиҥ. Ол эрээри, бэйэҥ эрэ санааҥ хоту салайтарыма. Тулалыыр дьон тугу саныыра эмиэ суолталаах. Бу дьон көмөтүнэн элбэҕи ситиһиэххин сөп.

Кыыс

Тус олоххо үөрүү-көтүү. Оттон үлэҕэр-хамнаскар кытаанах ирдэбил. Дьон сүбэтин истимэ. Ис санааҕын иһит. Нэдиэлэ иккис аҥаарыттан холку күннэр туруохтара.

Ыйааһын

Элбэҕи ситиһэр үтүө кэм үүммүт. Санааҥ, былааныҥ элбэх. Ол эрээри, итини барытын кыайаргар арай сэниэҥ тиийбэт. Дьон санаатын ыраас мууска уурума.

Скорпион

Умнуллубат сырдык кэм. Сыалгын-соруккун сөпкө туруо­рунан, сүрүҥҥэ эрэ болҕомто уурарыҥ ордук. Үп-харчы өттүгэр табыллар кэм.

Охчут

Бары хайысхаҕа ситиһии күү­тэр. Ол эрээри аһары ыһыллар, бииртэн-бииргэ ойор эмиэ сатаммат. Нэдиэлэ устата бэйэҕин сааһылан. Биисинэс арыйарга тоҕоос­тоох кэм.

Чубуку

Үп-харчы өттүгэр болҕомтолоох буолуоххун наада. Саҥа кирэ­дьииккэ, иэскэ-күүскэ киирэртэн туттун. Тус олоххор уларыйыы суох.

Күрүлгэн

Суолталаах тэрээһиннэр күү­тэллэр. Тус олоххор табыллыы кэтэһэр. Үлэҕинэн үрдүүргэр табыгастаах кэм. Үгүс быһыы-майгы дьаалатынан салаллыан сөп. Кыра кыһалҕаҕа болҕомто уурар наадата суох.

Балыктар

Хас киһи баар, оччо санаа баар. Бэйэҥ тус санааҕын ыһыктыма. Нэдиэлэ ортото ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago