Салгыы
Госдуумаҕа WhatsApp* бытаарыытын туһунан кэпсээтилэр

Госдуумаҕа WhatsApp* бытаарыытын туһунан кэпсээтилэр

Ааптар:
16.07.2024, 15:45
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Сорох эрэгийиэннэринэн регулятор быһаарыытынан бассаабы* бытаардыахтарын сөп диэн Госдуумаҕа Информатикаҕа кэмитиэтин чилиэнэ Антон Немкин иһитиннэрдэ.

«Билигин биирдиилээн эрэгийиэннэринэн WhatsApp* мессенджери регулятор быһаарытынан бытаарыыды үлэтэ барар. Маннык үлэ Дагестаҥҥа номнуо саҕаламмыта. Омук бассаабын үлэтин бытаардыы туһааннаах биэдэмистибэлэринэн терроризмы утары охсуһууга ыытылларын кытта сибээстээх этэ«, — диэтэ Госдуума дьокутаата. Ол да буоллар дьокутаат бэлиэтээбитинэн, Арассыыйа үрдүнэн чопчу бассаап үлэтин тохтотор туһунан  ханнык да быһаарыы ылылла илик.

Нэдиэлэ саҕаланыытыгар Дагестан олохтоохторо бассааб куһаҕаннык үлэлиирин туһунан үҥсүбүттэрэ, ол курдук хаартыска, тиэкис суруйан ыытар бытаарбыта биллэр. Маннык биричиинэнэн Краснодарскай кыраай, Москва, Ростовскай уонна Волгоград уобалаһын уонна Ставрополь олохтоохторо эмиэ биллэрбиттэрэ. Арассыыйа үрдүнэн WhatsApp* мессенджер үлэтин тохтотор туһунан быһаарыы ылылла илигин Госдуума иһитиннэрэрэ бэлиитикэтин кэмитиэтин баһылыга Александр Хинштейн бигэргэттэ. Ол эрээри  Meta* хампаанньа сыһыарыыта Арассыыйа сокуонун кэһэн, мэлдьи ыстарааптанарын туһунан иһитиннэрдилэр.

Маны сэргэ «Ростелеком» хампаанньа YouTube үлэтэ эмиэ бытаарарын туһунан сэрэттэ. Сүрүн биричиинэтэ —  Google хампаанньа тэхиниичэскэй оборудованиета Арассыыйаҕа эргэрбит уонна икки сыл устата саҥардыллыбатаҕынан сибээстэнэр.

** Деятельность Meta (соцсети Facebook и Instagram) запрещена в России как экстремистская.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: