Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Хэллоуин күнүн «Дьикти остуоруйалар түүнэ» диэн уларытарга этии киирдэ
Судаарыстыбаннай Дуума вице-спикерэ Борис Чернышов Хэллоуин күнүн уларытан «Дьикти остуоруйалар түүнэ» диэн бэлиэтииргэ этии киллэрдэ. Бу туһунан РИА Новости суруйар.
«Сөптөөх быһаарыы, мин саныахпар, Хэллоуин күнүн аатын уларытыы. Ис хоһооно улаханнык уларыйбат эрээри, бырааһынньык тыына уларыйар. Биһиги дойдубутугар «McDonald’s» үлэтин тохтоппута, ону биһиги ситиһиилээхтик атын хампаанньанан солбуйан биэрбиппит. Хэллоуин күнүн эмиэ оннук гыныахтаахпыт. Бу күн оннугар биһиэхэ «Дьикти остуоруйалар түүнэ» диэн барсар», — диир Борис Чернышев.
Парламентарий этэринэн, дойду ыччата омук өйүн-санаатын иҥэринэр сүрүн кыһалҕа баар. Кинилэри ол иһин Борис Чернышев солбуйарга этии көтөхтө. Холобур, бу күҥҥэ нуучча классиктарын биллэр айымньыларын тарҕатарга сүбэлиир: Гоголь «Вечера на хуторе близ Диканьки», Булгаков «Мастер и Маргарита», о.д.а. айымньыларын.
Санаттахха, былырыын Саха сиригэр оскуолаларынан уонна үөрэх кыһаларын тэрилтэлэринэн Хэллоуин бэлиэтиир бобуллубута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: