Госдуума дойду саҥа гражданнарыгар сулууспа болдьоҕун уһатары былаанныыр

Share

Госдуума Арассыыйа саҥа гражданнарыгар сулууспа болдьоҕун икки сылга диэри уһатарга уонна саастарын үрдэтэргэ федеральнай сокуоҥҥа саҥа киирэр көннөрүүлэри көрүөн сөп.

Бу туһунан Госдуума пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Пресс-сулууспаҕа парламент бу көҕүлээһини дойду саҥа гражданнара байыаннай эбээһинэстэрин толороллорун күүһүрдэргэ ананарын чуолкайдаатылар.

«Саҥа гражданнары аармыйаҕа ыҥырыыга саастарын үрдэтии уонна икки сылга болдьоҕун уһатыы туһунан быһаарыы, бастатан туран, РФ гражданинын пааспарын ылыан баҕалаахтар инникитин дойду бары үтүөтүнэн туһаналларыгар, ону кытта ийэ дойдуларыгар ытык иэстэрин чиэстээхтик төлүүллэригэр көмөлүөҕэ», — диэн РФ Бочуоттаах адвоката, «Күүстээх Арассыыйа» Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын Үрдүкү Сэбиэтин чилиэнэ Дмитрий Краснов быһаарда.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago