Салгыы
Госдуума дьокутаата Буцкая дьахталлары 35 сааскытын туола иликкитинэ төрөөҥ диэн ыҥырда

Госдуума дьокутаата Буцкая дьахталлары 35 сааскытын туола иликкитинэ төрөөҥ диэн ыҥырда

23.12.2024, 16:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Дьахталлар 35 саастарын туола иликтэринэ төрүөхтээхтэр, тоҕо диэтэххэ бу саас кэнниттэн яйцеклеткаларга генетическэй мутация тахсар куттала улахан. Бу туһунан Госдуума дьокутаата Татьяна Буцкая “Москва саҥарар” араадьыйа эфиригэр кэпсээтэ.

Кини этэринэн, 35 сааһын ааспытын кэннэ дьахтар яйцеклеткаларыгар мутация ахсаана элбээбитинэн барар. Бу сааскар тиийиэҥ иннинэ ханнык баҕарар уларыйыылар аргыый аҕай бараллар, оттон 35 сааскын туоллуҥ да эмискэ түргэтииллэр.

“Маны хайдах да эмтиир, хонтуруоллуур кыах суох. Ол иһин 35 сааскар диэри төрүүрүҥ ордук,”- диэн Буцкая тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Яйцеклетканы чинчийэр, араас эпэрээссийэлэри оҥорор  мэдиссиинэ бачча сайдан турар кэмигэр кыаллыбат эмиэ баар эбит.

+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: