Өрөспүүбүлүкэ Уопсастыбаннай палаататын былаһааккатыгар РФ Судаарыстыбаннай Дууматын бүддьүөккэ уонна нолуокка кэмитиэтин чилиэнэ, РФ Бырабыыталыстыбатын бүддьүөккэ сыһыаннаһыыга үс өрүттээх хамыыһыйатын чилиэнэ Галина Данчикова гражданнартан киирбит ыйытыыларынан уопсастыбанньыктары кытта сытыы боппуруостары дьүүллэстэ.
СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Станислав Иванов этэринэн, Палаата чилиэннэрэ араас таһымҥа нэһилиэнньэ туруорсар боппуруоһун тула кэпсэттилэр. Олор ортолоругар – оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһунан рамочнай сокуону бэлэмнээһин, дьоҕус уонна орто урбааны чэпчэтиилээх нолуоктааһын, федеральнай массыына суолларын туруктара, көс аҕа ууһун дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн уо.д.а.
Дьокутаат бэлиэтээбитинэн, бу Уопсастыбаннай палаата саҥа бэһис састаабын кытта билсиһии диэххэ сөп.
“Урукку састааптары кытта сөптөөхтүк үлэлээн, туруоруллубут боппуруостары быһаарбыппыт, сокуоҥҥа көҕүлээһиннэри бэлэмнээбиппит. Бүгүн үгүс ыйытыы киирдэ. Уопсастыба сытыы боппуруостарын Уопсастыбаннай палаата былаһааккатыгар дьүүллэһиэхпит, Ил Түмэн, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрин ыҥырыахпыт, бары түмсэн, боппуруоһу федеральнай таһымҥа таһаарар курдук”, — диэтэ Галина Данчикова.
Бу саҥа састаап үлэтин быйыл ыам ыйыттан саҕалаабыта. Кинилэр уопсастыбаннас судаарыстыбаннай былаас уорганнарын кытта бииргэ үлэлэрин хааччыйарга көмөлөһөр. Бу састаапка 66 киһи баар, кинилэр ортолоругар култуура, наука, биисинэс, экология уо.д.а.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыска: СӨ Уопсастыбаннай палаататын пресс-сулууспата ыыппыт
Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, П.А.Ойуунускай аатынан Дьокуускай аэропорда 1 000 000-с пассажирын регистрациялаата. Бу дьоллоох …
Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, Дьокуускай куорат Дууматыгар 10-с сиэссийэ саҕаланна. Бастакынан, Дьокуускай куорат дьокутааттара киин…
Ньурба улууһун «Ньурбачаан нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгын болдьоҕун иннинээҕи быыбара ахсынньы 1 күнүгэр ананна диэн…
Бүгүн Ил Түмэн онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕа сарсыардаттан тигинэччи үлэлээтэ. Норуот дьокутааттара бастакы үс боппуруоһу…
РФ сэнээтэрэ Егор Борисов Саха сиригэр кэллэр эрэ, дьонун-сэргэтин кытта хайаан да көрсөн, санаатын атастаһар…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕа саҕаланна. Пленарнай мунньах сэтинньи 27-28…