Салгыы
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

22.11.2024, 20:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна.

Көмөнү үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар ылыахтара, ол иһигэр 23 сааһыгар диэри күнүскү үөрэххэ үөрэнэр оҕолоохтор эмиэ туһаныахтара.

Юридическай көмө арааһа элбэх: олорор дьиэҕэр быраапкын көмүскээһин, ыксаллаах быһыы-майгы түгэнигэр баайга-малга быраабы саҥаттан оҥорторуу, сири бас билии быраабын оннунан хаалларыы, сокуону кэһэн үлэттэн уһуллууга көмүскэтии, о.д.а.   Босхо юридическай көмө испииһэгэр өссө ийэ уонна аҕа буолуу мөккүөрүн, бигэргэтиини киллэрэри эттилэр. “Байыаннай сулууспалаах өлөр түгэнигэр, киниттэн хат хаалбыт кэргэнигэр бу өҥө эмиэ туһалыан сөп”, — диэтэ ыччат бэлиитикэтигэр Госудуума кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Артем Метелев.

КПРФ дьокутаата Анатолий Бифов “Российскай газетаҕа” санаатын этэригэр, юридическай көмө наһаа ыараханыттан дьон үгүстүк бэйэлэрин бырааптарын туруорсубаттар. “Билигин кинилэр көмөнү судаарыстыбаннай юридическай бюроларга ылар буолуохтара. Үбү-харчыны онно ыыппакка бэйэлэрин бырааптарын көмүскэнэр кыахтаныахтара”, — диэтэ.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: