Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна.
Көмөнү үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар ылыахтара, ол иһигэр 23 сааһыгар диэри күнүскү үөрэххэ үөрэнэр оҕолоохтор эмиэ туһаныахтара.
Юридическай көмө арааһа элбэх: олорор дьиэҕэр быраапкын көмүскээһин, ыксаллаах быһыы-майгы түгэнигэр баайга-малга быраабы саҥаттан оҥорторуу, сири бас билии быраабын оннунан хаалларыы, сокуону кэһэн үлэттэн уһуллууга көмүскэтии, о.д.а. Босхо юридическай көмө испииһэгэр өссө ийэ уонна аҕа буолуу мөккүөрүн, бигэргэтиини киллэрэри эттилэр. “Байыаннай сулууспалаах өлөр түгэнигэр, киниттэн хат хаалбыт кэргэнигэр бу өҥө эмиэ туһалыан сөп”, — диэтэ ыччат бэлиитикэтигэр Госудуума кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Артем Метелев.
КПРФ дьокутаата Анатолий Бифов “Российскай газетаҕа” санаатын этэригэр, юридическай көмө наһаа ыараханыттан дьон үгүстүк бэйэлэрин бырааптарын туруорсубаттар. “Билигин кинилэр көмөнү судаарыстыбаннай юридическай бюроларга ылар буолуохтара. Үбү-харчыны онно ыыппакка бэйэлэрин бырааптарын көмүскэнэр кыахтаныахтара”, — диэтэ.
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…