Госдуумаҕа 13-с биэнсийэ туһунан сокуон барылын хат киллэриэхтэрэ
19.12.2024, 11:15
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
Госдуумаҕа биэнсийэлээх төрөөбүт күнүгэр 13-с биэнсийэни төлүүр туһунан сокуон барылын киллэрдилэр. Ол туһунан Госдуума вице-спикерэ, ЛДПР баартыйа чилиэнэ Борис Чернышов иһитиннэрдэ.
— 2025 сылга биһиги Госдуумаҕа бу сокуону иккистээн киллэриэхпит. Бастаан 2023 сылга киллэрбит сокуоммут барыла юридическэй өттүнэр итэҕэстэртэн сылтаан, көрүллүбэтэҕэ. Биһиги ону туораттыбыт уонна иккистээн киллэрэбит, — диэн Чернышов этэр.
Бу сокуон барыла олоххо киирдэҕинэ, биэнсийэлээххэ сыл аайы төрөөбүт күнүгэр 13-с биэнсийэни биэриэхтэрин сөп. Дьокутаат этэринэн, ол күн биэнсийэлээх судаарыстыбаттан болҕомто, көмө кэлэрин билиэхтээх.
— Бу төлөбүр страховой биэнсийэни ылааччыларга, судаарыстыбаттан хааччыллар уонна уорганнар биэнсийэлээхтэригэр бэриллиэҕэ. Биэнсийэ кээмэйэ кини ый аайы ылар биэнсийэтин сууматыгар тэҥнэһиэҕэ. Саҥаттан көннөрүүбүтүгэр биһиги юридическэй итэҕэстэри туораттыбыт. Бу уларытыылар бары 400-ФЗ, 166-ФЗ федеральнай сокуоннарга киирэн иһиэхтэрэ. Ити сокуоҥҥа сөп түбэһэр, — диэн дьокутаат этэр.
Дьэ, оччотугар, Госдуума бу сокуон барылын ылыннаҕына, биэнсийэлээхтэргэ 13-с биэнсийэ төлөнөр буолар.
+1
62
+1
+1
+1
+1
2
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: