Госдуумаҕа 6 күннээх үлэ нэдиэлэтин кылгатарга этии киллэрдилэр

Share

Госдуумаҕа Саҥа дьыл иннинээҕи бүтэһик субуотаны — ахсынньы 28 күнүн өрөбүл оҥорорго этии киллэрдилэр. Дьокутааттар РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Григоренкоҕа Саҥа дьыл иннинээҕи 6 күннээх үлэ нэдиэлэтин кылгатар туһунан этиилээх киирдилэр.

Дьокутаат Станислав Наумов этэринэн, бүтэһик субуотаны өрөбүл күн оҥорору олохтоох эрэгийиэннээҕи былаас уорганнара бэйэлэрэ быһаарыахтаахтар. Эбии өрөбүл күн дойдуга дьиэ кэргэн туризма сайдарыгар төһүү буолуо этэ диэн кини этэр. Холобур, Саҥа дьыл иннинэ дьиэ кэргэнинэн массыынанан баран, чугастааҕы куораттарга, эбэтэр, сынньалаҥ дьиэлэригэр барыахтарын, күүлэйдиэхтэрин, сынньаныахтарын сөп. Ол эрээри, сорох салаалаларга алта күннээх үлэ нэдиэлэтэ булгуччулаах, холобур, аһы-үөлү оҥорон таһаарар салааҕа.

Бу иннинэ Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ биллэрбитинэн, ахсынньы 23-29 күннэригэр алта күннээх үлэ нэдиэлэтэ буолар, тоҕо диэтэххэ, субуота күн өрөбүлүн бэнидиэнньиккэ, ахсынньы 28 күнүгэр көһөрбүттэрэ. Онон дьон быйыл ахсынньы 29 күнүттэн тохсунньу 8 күнүгэр диэри, барыта 11 күн устата сынньаныахтаах.

Оттон 2025 сылга Маай бырааһынньыктарыгар ыам ыйын 1-4 уонна 8-11 күннэригэр сынньанабыт. Оттон Арассыыйа күнүгэр бэс ыйын 12-15 күннэригэр, Сомоҕолоһуу күнүгэр сэтинньи 2-4 күннэригэр өрөбүл күннэр биллэриллэллэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Оптуобустар эбиллиэхтэрин оннугар маршруттара уустугурда

Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах.  Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түһээн төлөбүрэ чугаһаан, түөкүттэр ону бултаһан эрэллэр

Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Амма бурдуга» бородууксуйа бастыҥынан ааттанна

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй “Надеждалара”

Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тоҥнуу кыһан сииргэ ханнык балык ордугуй?

ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Алампа аатынан бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр  "Алампа'' бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна. Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын…

6 часов ago