Госдуумаҕа Арассыыйаҕа үлэлии кэлэр миграаннар дьиэ кэргэттэрин көһөрөн аҕалалларын бобор туһунан сокуон барылын көрүөхтэрэ
19.08.2024, 16:30
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
Атырдьах ыйын 19 күнүгэр Госдуумаҕа РФ гражданствота суох үлэлии кэлэр миграаннар дьиэ кэргэттэрин көһөрөн аҕалалларын хааччахтыыр туһунан сокуон бырайыагын киллэриэхтэрэ.
Маннык этиилээх ЛДПР дьокутааттара тахсыахтара, диэн иһитиннэрэр РИА Сонуннар.
Сокуон бырайыага ылыллар түгэнигэр үлэ дуогабарыгар эбэтэр патеҥҥа олоҕуран, миграаннар дьиэ кэргэттэрин Арассыыйаҕа көһөрөн аҕалаллара бобуллуо. Докумуон ааптардара этэллэринэн, бу намыһах квалификациялаах исписэлиистэргэ сыһыаннаах, үрдүк квалификациялаах исписэлиистэри уларыйыы таарыйбат, диэн иһитннэрэр СИА.
+1
6
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: