Госдуумаҕа дьону эбии ороскуокка киллэрииттэн уонна үктэтииттэн көмүскүүр сокуону көрүөхтэрэ
Парламент аллараа палаататын спикерэ Вячеслав Володин “Российскай газета” хаһыакка кэпсээбитинэн, Арассыыйа олохтоохторо авиа уонна уонна тимир суол билиэтин интэриниэт нөҥүө атыылаһар түгэннэригэр, билиэт бастакы сыанатыттан элбэҕи төлүүллэрин бэлиэтии көрөллөр.
«Дьон страховка, СМС-биллэрии уо.д.а. төлөбүрдээх өҥөлөр эбии холбоммуттарын сэрэйбэккэ да хаалаллар», — диэн Володин бэлиэтээтэ.
Онон сокуон барылын көҕүлээччилэр хас да сокуоннай быраабыланы олохтууру туруорсаллар. Холобур, эбии табаардары уонна өҥөлөрү атыылаһааччы көҥүллээтэҕинэ эрэ атыылыыры.
Ону тэҥэ дьокутааттар сөбүлэһии түһэрсиллэ илигинэ, сүрүн табаары, үлэни уонна өҥөнү атыылас диэн соҥнооһуну бобор санаалаахтар. Оттон интэриниэт нөҥүө атыыга-тутууга сыһыаннаан эттэххэ, эбии табаары, үлэни уонна өҥөнү атыылаһыыны ыйыппакка эрэ холбуур атыылааччылары уонна кинилэр өҥөлөрүн дьокутааттар эмиэ тохтотор былааннаахтар.
Ол эбэтэр киһи атыылааччы соҥнуур табаарын, үлэтин уонна өҥөтүн төлүүртэн аккаастаныан сөп, итиэннэ харчытын ылбыт буоллахтарына, төннөрөллөрүн ирдиир бырааптаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: