Госдуумаҕа эбии өрөбүл күннэри олохтуурга туруорсаллар
Госдуумаҕа Култуураҕа кэмитиэтин чилиэнэ Михаил Романов ахсынньы 31 күнүн өрөбүл күнүнэн оҥорорго этии киллэрдэ.
Ол туһунан кини бэс ыйын 7 күнүгэр Петербуурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорум (ПМЭФ) кэмигэр иһитиннэрдэ.
Дьокутаат РФ Үлэҕэ миниистирэ Антон Котяков парламентарий этиитин өйөөтө. Михаил Романов дойду бүттүүнүн үрдүнэн Саҥа дьыл көрсө дьиэ кэргэнинэн бэлэмнэнэр кыах биэрэрин быһаарда. Ону таһынан парламентарий санаатынан, балаҕан ыйын 1 күнэ эмиэ өрөбүл күнүнэн буолуохтаах. Балаата кэмитиэтин чилиэнэ бу күн төрөппүттэр оскуолаҕа кытталларын хааччыйыахтаах, ону сэргэ оскуоларынан саҥа үөрэнээччилэри уонна уһуйааннарынан саҥа иитээччилэри тэрийэн ыыталларыгар көмө буолуохтаах. Маны таһынан билии күнүн бырааһынньын төрөппүттэр оҕолорун кытта бииргэ ылалларыгар кыах үөскэтэр.
Бу иннинэ ахсынньы 31 күнүн өрөрбүл күнүнэн олохтуурга Госдуумаҕа Үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтлэ Ярослав Нилов тыл көтөхпүтэ. Кини бу өттүгэр нэһилиэнньэтээн үгүс элбэх ыйытыык баарын бэлиэтээбитэ. Сокуон барыла 2019 сылга киллэриллибитин үрдүнэн, Госдуумаҕа бу көҕүлээһини өйөөбөтөхтөрүн туһунан санатта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: