Госдуумаҕа элбэх оҕолоох аҕалары байыаннай сулууспаттан босхолуур туһунан сокуон барылын киллэрдилэр

Share

Госдуумаҕа үһүс уонна онтон элбэх оҕо төрөөтөҕүнэ аҕалары байыаннай сулууспаттан босхолуур туһунан сокуон барылын киллэрдилэр диэн «Российская газета» суруйар. Маннык этиини Госдуума дьокутаата Нина Останина уонна сенатор Айрат Гибатдинов киллэрдилэр.

Ааптардар элбэх оҕолоох төрөппүттэри көмүскүүр быраап миэрэтэ федеральнай сокуонунан эрдэ олохтоммутун бэлиэтииллэр. Ол гынан баран, сулууспалыы сылдьар элбэх оҕолоох аҕалары байыаннай сулууспаттан босхолуур эбии кыаҕы эмиэ биэриэххэ наада диэн кинилэр туруорсаллар. Ол курдук, «Байыаннай эбээһинэс уонна байыаннай сулууспа туһунан» федеральнай сокуонунан мобилизацияламмыт, байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт гражданнар, эбэтэр байыаннай сулууспаҕа хантараак түһэрсибиттэр үһүс эбэтэр онтон кэлин оҕо төрөөтөҕүнэ байыаннай сулууспаттан босхолуур быраап көрүллүөхтээҕин туһунан этиллэр.

Саҥа сокуон барылынан элбэх оҕолоох аҕа байыаннай сулууспалааччы биир сыл сулууспатын кэннэ эбэтэр хантараак болдьоҕо түмүктэннэҕинэ уурайыан сөп. Бу нуорма быстах мобилизация биллэриллиэн иннинэ икки уонна элбэх оҕолоох гражданнарга тарҕанар.

Парламентарийдар санааларынан, бу көҕүлээһин дьиэ кэргэни араҥаччылыыр уонна араас кутталартан көмүскэнэригэр көмөлөһөр. Сокуон ылыллар түбэлтэтигэр бэчээккэ тахсыбытын кэннэ биир ыйынан күүһүгэр киириэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Росгвардия: Гостиницаҕа эр дьон счету төлүүртэн аккаастаммыттар, айдаан тардыбыттар

Саха сиригэр ааспыт нэдиэлэҕэ Росгвардия үлэһиттэрэ киин куорат араас сынньанар тэрилтэлэринэн суһал сигналынан ыалдьыттар айдаан…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 2,7 тыһыынчаттан тахса социальнай хантараак түһэрсиллиэҕэ

Быйыл Саха сиригэр 640 мөлүйүөн курдук суумаҕа 2,7 тыһыынчаттан тахса социальнай хантараак түһэрсиллэрэ былааннанар. Бу…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Владимир Путины Бэрэсидьиэнинэн талбыппыт биир сыла: быыбардааччы 87,28 % куолаһын биэрбитэ

Былырыын кулун тутар 15-17 күннэригэр Арассыыйа олохтоохторо дойду Бэрэсидьиэнинэн Владимир Путины бэһис болдьоҕор талбыппыт.  …

15 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Экологтар Мүрү күөл киртийиитин туһунан иһитиннэриини бэрэбиэркэлээтилэр

Экологтар Мүрү күөл киртийиитин туһунан иһитиннэрии кэнниттэн Уус Алдан оройуонугар суһал чинчийиини ыыттылар. Бу туһунан…

17 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Сунтаарга Уустуйа сэлиэнньэҕэ 1973 с.т. эр киһи өлүгэ булуллубут

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 6 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

25 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Баайаҕа алгыстаах аартыга

Үөһээ үрдүк Айыылартан арчыламмыт Сахам сирэ барахсан күнүн уота күлүмнээн сандаарыйан тахсыыта Туймаада Эбэ Хотун…

32 минуты ago