Госдуума дьокутаата Галина Данчикова бэйэтин аккауныгар үллэстибит үөрүүлээх үтүө сонунунан, бэҕэһээ, кулун тутар 22 күнүгэр «Хотугу таһаҕаһы таһыы туһунан» Саха сирэ өртөн туруорсар сокуонун барыла бастакы ааҕыыга көрүллүүтэ буолла.
Бу туһунан Галина Иннокентьевна маннык иһитиннэрэр:
— Маннык сокуону Саха сирэ уонунан сылларга туруорсан, ылылларын кэтэспитэ.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан РФ Бырабыыталыстыбата, чуолаан, Уһук Илини уонна Аартыканы сайыннарыыга министиэристибэ бэлэмнээн дьүүлгэ киллэрдэ. Тус бэйэм бу сокуон барылын оҥорууга үлэлиир эспиэрдэр бөлөхтөрүн састаабыгар үлэлэһэ сылдьабын.
Сокуон барыла биһиэхэ хотугу таһаҕаспытын таһыыбытыгар туох көмөлөөх буолуой? Бастатан туран, сокуон барыла Уһук Хоту оройуоннарыгар итиэннэ онно тэҥнэммит сирдэргэ баар муниципальнай тэриллиилэргэ олохтоох айылҕа, килиимэт усулуобуйатыгар сөп түбэһэр кылгас болдьох иһигэр таһаҕаһы таһыыны тэрийэр бырааптары көрөр сокуон төрүттэрин быһаарар. Саамай суолталааҕа диэн – хотугу таһаҕаһы тиэрдии үлэтин кыттыылаахтарыгар бу сокуон судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрин тиһигин көрөрө олус үчүгэй. Маны таһынан барыл бу сокуоҥҥа киириэхтээх кэлим дьаһаллар, миэрэлэр нуормалара туох суолталаахтарын кытта быһаарар — тэрээһин, тырааныспар, логистика дьаһаллара, ити этиллибит сирдэргэ таһаҕаһынан харгыһа суох хааччыйыыны үбүлээһин мэхэньиисимнэрэ, ньымалара барыта чуолкайдык суруллар.
Барылга бу хайысхаҕа РФ Бырабыыталыстыбатын итиэннэ судаарыстыбаннай бэлиитикэҕэ уонна нуормалыыр бырааптарга, ону сэргэ муора суолун Биир сүрүн операторын быһаарыыларыгар сөп түбэһиннэрэн, таһаҕаһы таһыыны федеральнай киин өттүттэн ким сүрүннүүрэ сурулла сылдьар. Былаас федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи уорганнарын боломуочуйаларын чэрчитинэн ким туох иһин эппиэтинэһи сүгүөхтээҕэ эмиэ олох чуолкайдык ыйылынна.
Сокуон барыла бүтэһиктээх ааҕыыга ылылыннаҕына, 2023 с. балаҕан ыйын 1 күнүттэн күүһүгэр киирэн, үлэлээн барыахтаах.
Саха сирэ бу сокуон барылыгар элбэх этиилэрин киллэрбитин бэлиэтиибин. Иккис ааҕыыга диэри саҥа көннөрүүлэри киллэриигэ син кыра бириэмэ баар. Ону биһиги хоту сирбит олохтоохторун интэриэстэрин туһугар көдьүүстээхтик туһанарбыт эрэйиллэр.
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…
Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…
Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…
Саха сирэ "Патриотическай" ТОР федеральнай бырагыраама иитинэн 2024 сылга тиэхиньикэни тиэрдии былаанын толордо. Ол курдук,…